Уолба талба талааннаа-ҕынан, ураты дьоҕурдааҕынан биллибит дьонноох-сэргэлээх ураты дьикти дойду. Биир оннук кэрэ киһитинэн киэн тутта ааттыыбыт биир дойдулаахпытын, норуот биллиилээх ырыаһытын, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссерун Анна Ивановна Егорованы. Быйыл кини төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтээтибит.
Анна Егорова 1915 сыллаахха сэтинньи 28 күнугэр Байаҕантай (билигин Таатта) улууһун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалбыта. Сэттэ кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Тарас Павлович Местников салалтатынан художественнай самодеятельноска көхтөөхтүк кыттар эбит. Оскуола кэнниттэн улууһугар телефонисткалаабыт, онтон почта начальнигынан үлэлээбит. 1934 с. Дьокуускай куоракка көһөн киирбит, онно кинини саха бастакы мелодиһа Федот Корнилов таба көрөн, 1935 сыллаахха саҥа тэриллэн эрэр Саха араадьыйатын ырыаһыттарын бөлөҕөр ыҥырбыт. Ахсынньы 1 күнүгэр 1936 сылга ол кэмҥэ саха музыкальнай драматическай театрын дириэктэринэн буолбут Тарас Местников Анна Егорованы бэйэтин театрыгар хор артыыһынан ылбыт. Хору тэрийээччи бастакы саха композитора Марк Николаевич Жирков эбит. Манна норуот артыыстарын кытта алтыспыта, спектаакылларга ырыалаах оруоллары толорон сценическэй маастарыстыба оскуолатын ааспыта. Эдэр артыыска тута кэриýòэ сольнай тахсыылары көҥүллээбиттэрэ. Онно кини бэйэтин ырыаларын ыллыыра. Ол ырыалар киэҥник биллибиттэрэ уонна билигин да норуокка ылланаллар: «Арахсыы», «Билинии» (Пантелеймон Тулааһынап тыллара), «Доҕоруом, дуораччы туойуохха» (Софрон Данилов тыллара), «Остуол ырыата» (Чаҕылҕан тыллара), «Комсомол» (Эллэй тыллара), «Сардаҥалаах аартыгынан» (Макаар Хара тыллара) уонна да атыттар.
1938 сыллаахха Платон Ойуунускай «Туйаарыма Куо» драматыгар Анна Егорова бастаан Айыы Умсуур удаҕан оруолун, онтон сүрүн Туйаарыма Куо оруолун толорбута. 1939 сыллаахха Москваҕа Анна Егорова уонна Екатерина Захарова аан бастаан грампластинкаҕа сахалыы ырыалары суруттарбыттара. Марк Жирков көҕүлээһининэн 1940 сыллаахха Воронежтааҕы музыкальнай училищеҕа алта киһи ыытыллыбыта, олор истэригэр Анна Ивановна баар этэ. Ол гынан баран, сэрии саҕаланан, төннөн кэлбиттэрэ, театрга үлэлэрин салҕаабыттара. Онтон 1944—1948 сылларга Музыкальнай театр-студияҕа үлэлээбитэ. Бу сылларга саха истээччитэ аан бастаан классическай опералар: «Пиковая дама», «Русалка», «Евгений Онегин» быһа тардыыларын истибитэ. А.И. Егорова «Ньургун Боотур» бастакы сахалыы операҕа ыллаабыта. Манна кини Туйаарыма Куо партиятын бастакы толорооччунан буолбута. Опера премьерата өрөспүүбүлүкэ 25 сыллаах юбилейыгар 1947 сыллаахха буолбута. 1948 сыллаахха Казань куоракка РСФСР композитордарын Сойууһун Пленумугар Тарас Местниковтыын Марк Жирков музыкатыгар сахалыы ыллаан улахан биһирэбили ылбыттара. 1955—1959 сс. А.И.Егорова Саха араадьыйатын солисòкатынан үлэлээбитэ. Бу сылларга пленкаҕа элбэх норуот уонна араас ааптардар ырыаларын суруйбута. Айар үлэтин чыпчаалынан Москубаҕа 1957 сыллаахха саха литературатын уонна искусствотын ситиһиилэрин көрдөрөр Биэчэрдэргэ кыттыыта буолбута. Станиславскай уонна Немирович-Данченко ааттарынан Музыкальнай театр сценатыгар Туйаарыма Куо партиятын толорбута. Бүтэһик түмүктүүр киэһэҕэ Улахан театр филиалын сценатыгар Грант Григорян суруйбут «Северная праздничная» ораторияттан Ийэ партиятын толорбута (Суорун Омоллоон либреттота).
1960—1963 сñ. Анна Ивановна Егорова Римскэй-Корсаков аатынан Лениíградтааҕы консерваторияҕа опернай режиссура факультетыгар үөрэммитэ. 1964 сыл бэс ыйыгар Нуучча литературатын күннэригэр Саха ñирин музыкальнай театрын историятыгар бастакынан Петр Чайковскай суруйбут «Евгений Онегин» классическай оператын туруорбута. 1966 сыллаахха Сергей Рахманинов суруйбут биир аакталаах «Алеко» оператын, 1967 сыллаахха Джузеппе Верди «Травиататын» туруорбута. Бу сылларга 1963 сыллаахха туруоруллубут Узеир Гаджибеков «Аршин мал алан» көрдөөх музыкальнай комедията эмиэ көрдөрүллэрэ.
А.И.Егорова «Галька» диэн ааттаах С.Монюшко оператын туруорарга, Грант Григорян «Сир ñимэҕэ» опереттатын саҥаттан туруорарга көмөлөспүтэ. Онно Хара Мотуо оруолун бэйэтэ ыллаабыта. 1965 сыллаахха А.И.Егорова театр музыкальнай чааһын салайбыта. Саҥа ырыаһыттары булууга элбэх өҥөлөөх. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы консерваторияҕа ыыппыт оҕолоро бары үөрэххэ киирбиттэрэ.
Анна Егорова Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Аата ЫБСЛКС Бочуоттаах кинигэтигэр суруллубута. 1983 сыллаахха Анна Ивановна сынньалаҥҥа барбыта. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр 1995 сыллаахха өлбүтэ.
Биир дойдулаахпыт Саха АССР үтүөлээх артыыһа, РСФСР норуодунай артыыһа, Таатта улууһун Ытык олохтооҕо Анна Ивановна Егорова үтүө аатын үйэтитэр сыаллаах “Доҕоруом дуораччы туойуохха» куйаар ситимин нөҥүө аһаҕас ырыа күрэҕин ыытòыбыт. Сахабыт сирин улуустарын бастыҥ ыраһыттара конкурспутугар Анна Егорова репертуарыттан уонна көҥүл темаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Түмүгэр Гран-При үрдүк аатын Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгиттэн Семен Кириллович Никифоров бэйэтин авторскай ырыатынан ылла. I степеннээх лауреат аатын Алдан нэһилиэгин сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Юлия Герасимова, 2 cтепеннээх лауреат аатын Ытык Күөлтэн көмүс куоластаах ырыаһыт Ольга Титова, 3 степеннээх лауреат аатын Томпо улууһун Сайдыы нэһилиэгин сынньалаҥ киинин директора Римма Захарова, дипломаннарынан Таатта Чөркөөҕүттэн Мария Сабарайкина, Томпоттон Клавдия Малышева, Чурапчыттан Наталья Захарова буоллулар. Бөлөҕүнэн толорууга 1 степеннээх лауреатынан улууспут киэн туттар ырыаһûттара «Алдаана», 2 cтепеннээх лауреат аатын Чөркөөхтөн “Күбэйэ” ырыа ансаамбыллара, 3 степеннээх лауреàт аатын Дьүлэй нэһилиэгиттэн Дайаана, Күн-нэй Кузьминалар ыллылар. Дипломанынан Уус Алдан Түүлээх нэһилиэгиттэн “Айылгы” ырыа ансаамбыла буолла.
Чулуу ырыаһыппыт үтүө аатыгар анаан ыыппыт конкурспутугар элбэх киһи кыттыбыта кэрэхсэбиллээх буолла. Атын улууска олорор биир дойдулаахпыт Иван Советович Баишев кыттан олохтоохтору үөртэ, сүргэлэрин көтөхтө. Түгэнинэн туһанан, бары кыттааччыларбытыгар истиҥ эҕэрдэбитин, дьүүллүүр сүбэҕэ көмөлөспүт Тааттатаа-ҕы оҕо айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр (директор Попова Д.А.) барҕа махтал тылбытын аныыбыт.
Анастасия Боппосова, Уолбатааҕы Игнатий Слепцоваатынан норуот айымньытын киинин директора.
Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, Дьокуускайга М.Н. Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар |
|
|
https://ulus.media/2021/01/13/uolba-a-bopposovtar-haarga-haryshal-belietin-o-ordular/ Дьону ураты көстүүнэн сонурҕатан үөрдэр дьикти дьарыктаах дьону тохсунньу алта уонча кыраадыстаах томороон тымныыта дьиэҕэ хаайбата. Таатта Уолбатын Михаил, Иван Боппосовтара нэһилиэк ортотугар сытар киэҥ эбэҕэ халыҥ хаарга биэс харахтаах харысхал бэлиэтин оҥордулар. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр Иван уолун Дьулуһу, куораттан кэлбит бырааттарын Трофимы, сиэн бырааттарын Сахайааны илдьэ сылдьан хаары тэбистэрдилэр. Оҕолор хата айылҕаҕа сылдьан үөрүү, туох эрэ сонуну оҥорор дьон быһыытынан сирэйдиин-харахтыын сырдаан чаҕылыһыы бөҕөлөр. Дьиҥэр маннык дьарык оҕолорго оонньуу курдук буолбутун иһин ааҕарга- суоттуурга, хараҕынан холоон аттарарга, онтон да атыҥҥа уһуйар, такайар күүстээх буоллаҕа.у курдук Михаил Трофимович сонунтан сонун бырайыактарынан олохтоохтору үөрдэр ураты түбүктээх. Подробнее: https://ulus.media/2021/01/13/uolba-a-bopposovtar-haarga-haryshal-belietin-o-ordular/ |
https://ulus.media/2021/01/17/uolba-a-ajylgy-basty-leleeh-t-ms/
Кэнники кэмҥэ нэһилиэктэргэ дьон интэриэстэринэн араас түмсүүлэргэ мусталлара элбээтэ. Ол курдук Таатта улууһун Уолбатыгар өр кэмҥэ элбэх киһини түмэр биир бастыҥ үлэлээҕинэн “Айылгы” аҕам саастаахтар түмсүүтэ буолар. Түмсүү маҥнай ветераннар Сэбиэтэ диэн тэриллэн бэйэтэ активтаах, сыллааҕы үлэ былааннаах, саҥаттан саҥа бырайыактардаах, ый аайы хомуллар взностаах үлэлиир. Өр сылларга ветераннар Сэбиэтин нэһилиэк общественник ийэлэрэ Мария Тимофеевна Кириллина, Мария Николаевна Басова салайан үлэлэппиттэрэ, улууска биир бастыҥнар ааттарыгар сылдьыбыттара. 2015 сылтан “Айылгы” түмсүү Сүбэтин салайааччытынан Светлана Петровна Винокурова, чилиэттэринэн Дария Трофимовна Васильева, Варвара Петровна Рахлеева, Надежда Романовна Лягушина, Василий Еремеевич Попов, Алек Алексеевич Кириллин, Михаил Трофимович Боппосов, Александра Ивановна Рахлеева талыллан таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Сылын аайы нэһилиэк иһинэн “Сыл бастыҥ түмсүүтэ”, “Оскуола бастыҥ партнер-тэрилтэтэ”, “Бастыҥ үлэлээх түмсүү” диэн араас номинацияларга тиксэллэр, улууска эмиэ ааттара өрүү иһиллэр.
Подробнее: https://ulus.media/2021/01/17/uolba-a-ajylgy-basty-leleeh-t-ms/ энники кэмҥэ нэһилиэктэргэ дьон интэриэстэринэн араас түмсүүлэргэ мусталлара элбээтэ. Ол курдук Таатта улууһун Уолбатыгар өр кэмҥэ элбэх киһини түмэр биир бастыҥ үлэлээҕинэн “Айылгы” аҕам саастаахтар түмсүүтэ буолар. Түмсүү маҥнай ветераннар Сэбиэтэ диэн тэриллэн бэйэтэ активтаах, сыллааҕы үлэ былааннаах, саҥаттан саҥа бырайыактардаах, ый аайы хомуллар взностаах үлэлиир. Өр сылларга ветераннар Сэбиэтин нэһилиэк общественник ийэлэрэ Мария Тимофеевна Кириллина, Мария Николаевна Басова салайан үлэлэппиттэрэ, улууска биир бастыҥнар ааттарыгар сылдьыбыттара. 2015 сылтан “Айылгы” түмсүү Сүбэтин салайааччытынан Светлана Петровна Винокурова, чилиэттэринэн Дария Трофимовна Васильева, Варвара Петровна Рахлеева, Надежда Романовна Лягушина, Василий Еремеевич Попов, Алек Алексеевич Кириллин, Михаил Трофимович Боппосов, Александра Ивановна Рахлеева талыллан таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Сылын аайы нэһилиэк иһинэн “Сыл бастыҥ түмсүүтэ”, “Оскуола бастыҥ партнер-тэрилтэтэ”, “Бастыҥ үлэлээх түмсүү” диэн араас номинацияларга тиксэллэр, улууска эмиэ ааттара өрүү иһиллэр.
Подробнее: https://ulus.media/2021/01/17/uolba-a-ajylgy-basty-leleeh-t-ms/https://ulus.media/2021/01/17/uolba-a-ajylgy-basty-leleeh-t-ms/ Кэнники кэмҥэ нэһилиэктэргэ дьон интэриэстэринэн араас түмсүүлэргэ мусталлара элбээтэ. Ол курдук Таатта улууһун Уолбатыгар өр кэмҥэ элбэх киһини түмэр биир бастыҥ үлэлээҕинэн “Айылгы” аҕам саастаахтар түмсүүтэ буолар. Түмсүү маҥнай ветераннар Сэбиэтэ диэн тэриллэн бэйэтэ активтаах, сыллааҕы үлэ былааннаах, саҥаттан саҥа бырайыактардаах, ый аайы хомуллар взностаах үлэлиир. Өр сылларга ветераннар Сэбиэтин нэһилиэк общественник ийэлэрэ Мария Тимофеевна Кириллина, Мария Николаевна Басова салайан үлэлэппиттэрэ, улууска биир бастыҥнар ааттарыгар сылдьыбыттара. 2015 сылтан “Айылгы” түмсүү Сүбэтин салайааччытынан Светлана Петровна Винокурова, чилиэттэринэн Дария Трофимовна Васильева, Варвара Петровна Рахлеева, Надежда Романовна Лягушина, Василий Еремеевич Попов, Алек Алексеевич Кириллин, Михаил Трофимович Боппосов, Александра Ивановна Рахлеева талыллан таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Сылын аайы нэһилиэк иһинэн “Сыл бастыҥ түмсүүтэ”, “Оскуола бастыҥ партнер-тэрилтэтэ”, “Бастыҥ үлэлээх түмсүү” диэн араас номинацияларга тиксэллэр, улууска эмиэ ааттара өрүү иһиллэр.
Подробнее: https://ulus.media/2021/01/17/uolba-a-ajylgy-basty-leleeh-t-ms/ Кэнники кэмҥэ нэһилиэктэргэ дьон интэриэстэринэн араас түмсүүлэргэ мусталлара элбээтэ. Ол курдук Таатта улууһун Уолбатыгар өр кэмҥэ элбэх киһини түмэр биир бастыҥ үлэлээҕинэн “Айылгы” аҕам саастаахтар түмсүүтэ буолар. Түмсүү маҥнай ветераннар Сэбиэтэ диэн тэриллэн бэйэтэ активтаах, сыллааҕы үлэ былааннаах, саҥаттан саҥа бырайыактардаах, ый аайы хомуллар взностаах үлэлиир. Өр сылларга ветераннар Сэбиэтин нэһилиэк общественник ийэлэрэ Мария Тимофеевна Кириллина, Мария Николаевна Басова салайан үлэлэппиттэрэ, улууска биир бастыҥнар ааттарыгар сылдьыбыттара. 2015 сылтан “Айылгы” түмсүү Сүбэтин салайааччытынан Светлана Петровна Винокурова, чилиэттэринэн Дария Трофимовна Васильева, Варвара Петровна Рахлеева, Надежда Романовна Лягушина, Василий Еремеевич Попов, Алек Алексеевич Кириллин, Михаил Трофимович Боппосов, Александра Ивановна Рахлеева талыллан таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Сылын аайы нэһилиэк иһинэн “Сыл бастыҥ түмсүүтэ”, “Оскуола бастыҥ партнер-тэрилтэтэ”, “Бастыҥ үлэлээх түмсүү” диэн араас номинацияларга тиксэллэр, улууска эмиэ ааттара өрүү иһиллэр. Подробнее: https://ulus.media/2021/01/17/uolba-a-ajylgy-basty-leleeh-t-ms/ |
http://rgtaatta.ru/2020/12/03/chuluu-yrya-yppyt-aatyn-jetitebit/ Чулуу ырыаһыппыт аатын үйэтитэбит10
|
.
|
Бөҕө Маарыйа алгыһынан саҕыллан…“Ол курдук биһиэхэ үөрэх олохтонон, өлүү-сүтүү уурайан, сидьиҥ-чанчарык олох умнуллан, ыраас олоххо, чэгиэн-чэбдик буолан үөскээн, атын омуктар курдук бэйэлэрин дойдуларыттан эҥин үтүө туһалаах суоллары булан, тэрийэн, олохтотолоон, киһи буолар кэскиллэрин бэйэлэрэ тэринэн, туора омуктар олохторугар ымсыырбакка-баҕарбакка, бары дьаһалларын бэйэлэрэ дьаһанан, көҥүл олоххо олоруохтара дии санаан, сүрэҕим-быарым бөҕөхсүйэр…” маннык тылларынан сахаттан бастакы үөрэхтээх дьахтар, чинчийээччи, этнограф, Нуучча географическай обществотын аччыгый кыһыл көмүс мэтээлин кавалера Мария Николаевна Андросова төрөөбүт норуотун сырдык кэскилин ыраланара, ол туоларыгар ончу эрэнэрэ.Бу дьыл ахсынньы саҥатыгар дойдубут килбэйэр киинигэр Дьокуускайга “Арчы” духуобунай кииҥҥэ талах курдаах Таатта талыы ыччата, маны таһынан өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан олоҥхону толорооччулар, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ тоҕуоруһа муһуннулар. Бу күн таһыттан киирбит ытык ыалдьыттары, тэрээһин кыттыылаахтарын сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, тэптэрии саламаатынан айах тутан күндүлээтилэр. Тэрээһин алгыһынан, ыраастаныынан саҕаланан көрөөччүлэри да, ыалдьыттары да ураты турукка киллэрдэ. Кэлбит ыалдьыттар, таатталар бэйэлэрэ биир дойдулаахтарын Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 155 сылын улууска, нэһилиэккэ үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээбиттэрин этэн туран, аны, бүгүн Дьокуускай куорат дьоллоох туонатыгар үөрүүлээх бырааһынньыкка – олоҥхо, баай тыл-өс күөн күрэһин – этэҥҥэ ыытар соруктаахтарын билиһиннэрдилэр. Үөрүүлээх аһыллыы кэнниттэн “Ондуруоһап эмээхсин курдук онолуйа туойдахпына…” 19-20 үйэ олоҥхоһут дьахталлар уонна билиҥҥи кэмҥэ дьахтар айбыт олоҥхолорун биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу күөн күрэһэ саҕаланна. Куонкуруска Тааттаттан, Уус-Алдантан, Дьокуускайтан, Сунтаартан, Амматтан, Чурапчыттан, Үөһээ Дьааҥыттан аҕыс бөлөх кытынна. Олоҥхону биирдиилээн толоруу күрэһигэр 10 киһи кииристэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ биирдиилээн толорууну ХИФУ философия кафедратын преподавателэ, олоҥхо философиятын чинчийээччи В.В.Винокуров, СӨ Олоҥхо киинин исписэлииһэ У.М.Флегонтова, Гуманитарнай чинчийэр институт уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт фольклорга уонна литератураҕа алын научнай үлэһитэ Н.А.Оросина үлэлээтилэр. Бөлөҕүнэн толорууну “Арчы” духуобунай киин дириэктэрэ В.И.Бочонина, СӨ Олоҥхо киинин исписэлииһэ Е.Н.Протодьяконова, АКуоИИ доцена, норуот уус-уран култууратын кафедратын сэбиэдиссэйэ З.А.Стрекаловская сыаналаатылар. Бу күҥҥэ “Арчы” кииҥҥэ 19-20 үйэ олоҥхоһут дьахталларын М.Н.Андросова-Ионова, П.М.Терютина-Ырыа Ымыычаан, Екатерина Иванова, Д.А.Томская-Чаайка, билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын айымньылара түһүмэххэ Тааттаттан Акулина Егасова, Чурапчыттан Анастасия Алексеева, Уус-Алдантан Галина Иванова, Дьокуускайтан Любовь Платонова олоҥхолоро толорулунна. Куонкуруһу сэргэ, Тааттаттан саха талба дьахтарын үйэлээх этиитин сүһэн ылан аныгы олоххо дьүөрэлии тутан айымньылаахтык үлэлии сылдьар “Ионова оскуолата” уопсастыбаннай түмсүү эдэр ийэлэрин маастар-кылаастара ыытылынна, атыы-тутуу эгэлгэтэ тэлгэннэ. Маны тэҥэ дойдубут амтаннаах аһа “Таатта” ТХПК күүһүнэн тэрилиннэ, үгүс дьон болҕомтотун тарта. Күрэс кэнниттэн Олоҥхо тыйаатыра М.Н.Андросова-Ионова “Күл-күл Бөҕө оҕонньор икки, Силирикээн эмээхсин икки” олоҥхотунан туруоруллубут (туруорааччы С.И. Борисова) “Таптал талыыта” спектаклы бар дьоҥҥо бэлэх ууннан тэрээһиммитин ситэрэн-хоторон биэрдэ. Ити кэнниттэн, тэрээһиммитин туомтуу тардан түмүктүүр, кыайыылааҕы бэлиэтиир дьоро түгэн кэллэ. Бөлөҕүнэн толорууга 19-20 үйэ олоҥхоһут дьахталлар олоҥхолорун толорууга 1 үрдэл Тааттаттан “Дьолуо” түмсүү (салайааччы Л.К. Цой), 2 үрдэл Амма улууһуттан “Күөгэйээнэ” түмсүү (салайааччы А.И.Артемьева), 3 үрдэл Таатта Тыараһатыттан “Кылыһах” түмсүү (салайааччы М.Ф.Петрова) тахсаннар үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Билиҥҥи кэмҥэ дьахтар айбыт олоҥхотун бөлөҕүнэн толорууга 1 үрдэл “Алаһа Дьоҕурдара” түмсүү (салайааччылар Л.И. Платонова, К.Н. Дегтярева) таҕыста. Олоҥхону биирдиилээн толорууга 10 киһи кыттан илин-кэлин түһүстүлэр. Түмүккэ 1 үрдэл Таатта Дьохсоҕонуттан сцена ветерана В.П. Харайданова-Эбээ Валя, 2 үрдэл Сунтаар Элгээйититтэн Изабелла Макарова-Толоон Нуораҕана, 3 үрдэл Любовь Платонова тахсан кыайыы кынаттаннылар.
Тэрээһиммит үрдүк таһымҥа ааһарыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут Мария Васильевна Турантаеваҕа, “Арчы” киин кэлэктиибигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциациятыгар, Олоҥхо тыйаатырын, Олоҥхо киинин үлэһиттэригэр, кыттааччылары бэлэмнээн аҕалбыт салайааччыларбытыгар, улуустарга баар Олоҥхо Ассоциациятын филиалларыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Инникитин даҕаны саҕалааһыннарбыт саргылана, түбүктэрбит үтүө түмүктэнэ турдунар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастакытын ыытыллыбыт олоҥхоһут дьахтар олоҥхотун уонна билиҥҥи үйэҕэ айан холонор дьахталлар айымньыларын толорууга саҥа сүүрээн киирдэ, саха талба дьахтарын М.Н.Андросова-Ионова үтүө аата ааттанна, кини үтүө алгыһынан кынаттанан тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru саайтыгар анаан Макар Хара аатынан Уолба модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Екатерина Рахлеева |