Чулуу ырыаһыппыт аатын үйэтитэбит

Чулуу ырыаһыппыт аатын үйэтитэбит

10
 

Уолба талба талааннаа-ҕынан, ураты дьоҕурдааҕынан биллибит дьонноох-сэргэлээх ураты дьикти дойду. Биир оннук кэрэ киһитинэн киэн тутта ааттыыбыт биир дойдулаахпытын, норуот биллиилээх ырыаһытын, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссерун Анна Ивановна Егорованы. Быйыл кини төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтээтибит.
Анна Егорова 1915 сыллаахха сэтинньи 28 күнугэр Байаҕантай (билигин Таатта) улууһун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалбыта. Сэттэ кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Тарас Павлович Местников салалтатынан художественнай самодеятельноска көхтөөхтүк кыттар эбит. Оскуола кэнниттэн улууһугар телефонисткалаабыт, онтон почта начальнигынан үлэлээбит. 1934 с. Дьокуускай куоракка көһөн киирбит, онно кинини саха бастакы мелодиһа Федот Корнилов таба көрөн, 1935 сыллаахха саҥа тэриллэн эрэр Саха араадьыйатын ырыаһыттарын бөлөҕөр ыҥырбыт. Ахсынньы 1 күнүгэр 1936 сылга ол кэмҥэ саха музыкальнай драматическай театрын дириэктэринэн буолбут Тарас Местников Анна Егорованы бэйэтин театрыгар хор артыыһынан ылбыт. Хору тэрийээччи бастакы саха композитора Марк Николаевич Жирков эбит. Манна норуот артыыстарын кытта алтыспыта, спектаакылларга ырыалаах оруоллары толорон сценическэй маастарыстыба оскуолатын ааспыта. Эдэр артыыска тута кэриýòэ сольнай тахсыылары көҥүллээбиттэрэ. Онно кини бэйэтин ырыаларын ыллыыра. Ол ырыалар киэҥник биллибиттэрэ уонна билигин да норуокка ылланаллар: «Арахсыы», «Билинии» (Пантелеймон Тулааһынап тыллара), «Доҕоруом, дуораччы туойуохха» (Софрон Данилов тыллара), «Остуол ырыата» (Чаҕылҕан тыллара), «Комсомол» (Эллэй тыллара), «Сардаҥалаах аартыгынан» (Макаар Хара тыллара) уонна да атыттар.
1938 сыллаахха Платон Ойуунускай «Туйаарыма Куо» драматыгар Анна Егорова бастаан Айыы Умсуур удаҕан оруолун, онтон сүрүн Туйаарыма Куо оруолун толорбута. 1939 сыллаахха Москваҕа Анна Егорова уонна Екатерина Захарова аан бастаан грампластинкаҕа сахалыы ырыалары суруттарбыттара. Марк Жирков көҕүлээһининэн 1940 сыллаахха Воронежтааҕы музыкальнай училищеҕа алта киһи ыытыллыбыта, олор истэригэр Анна Ивановна баар этэ. Ол гынан баран, сэрии саҕаланан, төннөн кэлбиттэрэ, театрга үлэлэрин салҕаабыттара. Онтон 1944—1948 сылларга Музыкальнай театр-студияҕа үлэлээбитэ. Бу сылларга саха истээччитэ аан бастаан классическай опералар: «Пиковая дама», «Русалка», «Евгений Онегин» быһа тардыыларын истибитэ. А.И. Егорова «Ньургун Боотур» бастакы сахалыы операҕа ыллаабыта. Манна кини Туйаарыма Куо партиятын бастакы толорооччунан буолбута. Опера премьерата өрөспүүбүлүкэ 25 сыллаах юбилейыгар 1947 сыллаахха буолбута. 1948 сыллаахха Казань куоракка РСФСР композитордарын Сойууһун Пленумугар Тарас Местниковтыын Марк Жирков музыкатыгар сахалыы ыллаан улахан биһирэбили ылбыттара. 1955—1959 сс. А.И.Егорова Саха араадьыйатын солисòкатынан үлэлээбитэ. Бу сылларга пленкаҕа элбэх норуот уонна араас ааптардар ырыаларын суруйбута. Айар үлэтин чыпчаалынан Москубаҕа 1957 сыллаахха саха литературатын уонна искусствотын ситиһиилэрин көрдөрөр Биэчэрдэргэ кыттыыта буолбута. Станиславскай уонна Немирович-Данченко ааттарынан Музыкальнай театр сценатыгар Туйаарыма Куо партиятын толорбута. Бүтэһик түмүктүүр киэһэҕэ Улахан театр филиалын сценатыгар Грант Григорян суруйбут «Северная праздничная» ораторияттан Ийэ партиятын толорбута (Суорун Омоллоон либреттота).
1960—1963 сñ. Анна Ивановна Егорова Римскэй-Корсаков аатынан Лениíградтааҕы консерваторияҕа опернай режиссура факультетыгар үөрэммитэ. 1964 сыл бэс ыйыгар Нуучча литературатын күннэригэр Саха ñирин музыкальнай театрын историятыгар бастакынан Петр Чайковскай суруйбут «Евгений Онегин» классическай оператын туруорбута. 1966 сыллаахха Сергей Рахманинов суруйбут биир аакталаах «Алеко» оператын, 1967 сыллаахха Джузеппе Верди «Травиататын» туруорбута. Бу сылларга 1963 сыллаахха туруоруллубут Узеир Гаджибеков «Аршин мал алан» көрдөөх музыкальнай комедията эмиэ көрдөрүллэрэ.
А.И.Егорова «Галька» диэн ааттаах С.Монюшко оператын туруорарга, Грант Григорян «Сир ñимэҕэ» опереттатын саҥаттан туруорарга көмөлөспүтэ. Онно Хара Мотуо оруолун бэйэтэ ыллаабыта. 1965 сыллаахха А.И.Егорова театр музыкальнай чааһын салайбыта. Саҥа ырыаһыттары булууга элбэх өҥөлөөх. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы консерваторияҕа ыыппыт оҕолоро бары үөрэххэ киирбиттэрэ.
Анна Егорова Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Аата ЫБСЛКС Бочуоттаах кинигэтигэр суруллубута. 1983 сыллаахха Анна Ивановна сынньалаҥҥа барбыта. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр 1995 сыллаахха өлбүтэ.
Биир дойдулаахпыт Саха АССР үтүөлээх артыыһа, РСФСР норуодунай артыыһа, Таатта улууһун Ытык олохтооҕо Анна Ивановна Егорова үтүө аатын үйэтитэр сыаллаах “Доҕоруом дуораччы туойуохха» куйаар ситимин нөҥүө аһаҕас ырыа күрэҕин ыытòыбыт. Сахабыт сирин улуустарын бастыҥ ыраһыттара конкурспутугар Анна Егорова репертуарыттан уонна көҥүл темаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Түмүгэр Гран-При үрдүк аатын Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгиттэн Семен Кириллович Никифоров бэйэтин авторскай ырыатынан ылла. I степеннээх лауреат аатын Алдан нэһилиэгин сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Юлия Герасимова, 2 cтепеннээх лауреат аатын Ытык Күөлтэн көмүс куоластаах ырыаһыт Ольга Титова, 3 степеннээх лауреат аатын Томпо улууһун Сайдыы нэһилиэгин сынньалаҥ киинин директора Римма Захарова, дипломаннарынан Таатта Чөркөөҕүттэн Мария Сабарайкина, Томпоттон Клавдия Малышева, Чурапчыттан Наталья Захарова буоллулар. Бөлөҕүнэн толорууга 1 степеннээх лауреатынан улууспут киэн туттар ырыаһûттара «Алдаана», 2 cтепеннээх лауреат аатын Чөркөөхтөн “Күбэйэ” ырыа ансаамбыллара, 3 степеннээх лауреàт аатын Дьүлэй нэһилиэгиттэн Дайаана, Күн-нэй Кузьминалар ыллылар. Дипломанынан Уус Алдан Түүлээх нэһилиэгиттэн “Айылгы” ырыа ансаамбыла буолла.
Чулуу ырыаһыппыт үтүө аатыгар анаан ыыппыт конкурспутугар элбэх киһи кыттыбыта кэрэхсэбиллээх буолла. Атын улууска олорор биир дойдулаахпыт Иван Советович Баишев кыттан олохтоохтору үөртэ, сүргэлэрин көтөхтө. Түгэнинэн туһанан, бары кыттааччыларбытыгар истиҥ эҕэрдэбитин, дьүүллүүр сүбэҕэ көмөлөспүт Тааттатаа-ҕы оҕо айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр (директор Попова Д.А.) барҕа махтал тылбытын аныыбыт.
Анастасия Боппосова, Уолбатааҕы Игнатий Слепцоваатынан норуот айымньытын киинин директора.

 

Категория: Мои статьи | Добавил: uolba_ksk (21.01.2021)
Просмотров: 439 | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
close