“Ол курдук биһиэхэ үөрэх олохтонон, өлүү-сүтүү уурайан, сидьиҥ-чанчарык олох умнуллан, ыраас олоххо, чэгиэн-чэбдик буолан үөскээн, атын омуктар курдук бэйэлэрин дойдуларыттан эҥин үтүө туһалаах суоллары булан, тэрийэн, олохтотолоон, киһи буолар кэскиллэрин бэйэлэрэ тэринэн, туора омуктар олохторугар ымсыырбакка-баҕарбакка, бары дьаһалларын бэйэлэрэ дьаһанан, көҥүл олоххо олоруохтара дии санаан, сүрэҕим-быарым бөҕөхсүйэр…” маннык тылларынан сахаттан бастакы үөрэхтээх дьахтар, чинчийээччи, этнограф, Нуучча географическай обществотын аччыгый кыһыл көмүс мэтээлин кавалера Мария Николаевна Андросова төрөөбүт норуотун сырдык кэскилин ыраланара, ол туоларыгар ончу эрэнэрэ.
Бу дьыл ахсынньы саҥатыгар дойдубут килбэйэр киинигэр Дьокуускайга “Арчы” духуобунай кииҥҥэ талах курдаах Таатта талыы ыччата, маны таһынан өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан олоҥхону толорооччулар, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ тоҕуоруһа муһуннулар. Бу күн таһыттан киирбит ытык ыалдьыттары, тэрээһин кыттыылаахтарын сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, тэптэрии саламаатынан айах тутан күндүлээтилэр. Тэрээһин алгыһынан, ыраастаныынан саҕаланан көрөөччүлэри да, ыалдьыттары да ураты турукка киллэрдэ. Кэлбит ыалдьыттар, таатталар бэйэлэрэ биир дойдулаахтарын Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 155 сылын улууска, нэһилиэккэ үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээбиттэрин этэн туран, аны, бүгүн Дьокуускай куорат дьоллоох туонатыгар үөрүүлээх бырааһынньыкка – олоҥхо, баай тыл-өс күөн күрэһин – этэҥҥэ ыытар соруктаахтарын билиһиннэрдилэр.
Үөрүүлээх аһыллыы кэнниттэн “Ондуруоһап эмээхсин курдук онолуйа туойдахпына…” 19-20 үйэ олоҥхоһут дьахталлар уонна билиҥҥи кэмҥэ дьахтар айбыт олоҥхолорун биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу күөн күрэһэ саҕаланна. Куонкуруска Тааттаттан, Уус-Алдантан, Дьокуускайтан, Сунтаартан, Амматтан, Чурапчыттан, Үөһээ Дьааҥыттан аҕыс бөлөх кытынна. Олоҥхону биирдиилээн толоруу күрэһигэр 10 киһи кииристэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ биирдиилээн толорууну ХИФУ философия кафедратын преподавателэ, олоҥхо философиятын чинчийээччи В.В.Винокуров, СӨ Олоҥхо киинин исписэлииһэ У.М.Флегонтова, Гуманитарнай чинчийэр институт уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт фольклорга уонна литератураҕа алын научнай үлэһитэ Н.А.Оросина үлэлээтилэр. Бөлөҕүнэн толорууну “Арчы” духуобунай киин дириэктэрэ В.И.Бочонина, СӨ Олоҥхо киинин исписэлииһэ Е.Н.Протодьяконова, АКуоИИ доцена, норуот уус-уран култууратын кафедратын сэбиэдиссэйэ З.А.Стрекаловская сыаналаатылар. Бу күҥҥэ “Арчы” кииҥҥэ 19-20 үйэ олоҥхоһут дьахталларын М.Н.Андросова-Ионова, П.М.Терютина-Ырыа Ымыычаан, Екатерина Иванова, Д.А.Томская-Чаайка, билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын айымньылара түһүмэххэ Тааттаттан Акулина Егасова, Чурапчыттан Анастасия Алексеева, Уус-Алдантан Галина Иванова, Дьокуускайтан Любовь Платонова олоҥхолоро толорулунна.
Куонкуруһу сэргэ, Тааттаттан саха талба дьахтарын үйэлээх этиитин сүһэн ылан аныгы олоххо дьүөрэлии тутан айымньылаахтык үлэлии сылдьар “Ионова оскуолата” уопсастыбаннай түмсүү эдэр ийэлэрин маастар-кылаастара ыытылынна, атыы-тутуу эгэлгэтэ тэлгэннэ. Маны тэҥэ дойдубут амтаннаах аһа “Таатта” ТХПК күүһүнэн тэрилиннэ, үгүс дьон болҕомтотун тарта.
Күрэс кэнниттэн Олоҥхо тыйаатыра М.Н.Андросова-Ионова “Күл-күл Бөҕө оҕонньор икки, Силирикээн эмээхсин икки” олоҥхотунан туруоруллубут (туруорааччы С.И. Борисова) “Таптал талыыта” спектаклы бар дьоҥҥо бэлэх ууннан тэрээһиммитин ситэрэн-хоторон биэрдэ.
Ити кэнниттэн, тэрээһиммитин туомтуу тардан түмүктүүр, кыайыылааҕы бэлиэтиир дьоро түгэн кэллэ. Бөлөҕүнэн толорууга 19-20 үйэ олоҥхоһут дьахталлар олоҥхолорун толорууга 1 үрдэл Тааттаттан “Дьолуо” түмсүү (салайааччы Л.К. Цой), 2 үрдэл Амма улууһуттан “Күөгэйээнэ” түмсүү (салайааччы А.И.Артемьева), 3 үрдэл Таатта Тыараһатыттан “Кылыһах” түмсүү (салайааччы М.Ф.Петрова) тахсаннар үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Билиҥҥи кэмҥэ дьахтар айбыт олоҥхотун бөлөҕүнэн толорууга 1 үрдэл “Алаһа Дьоҕурдара” түмсүү (салайааччылар Л.И. Платонова, К.Н. Дегтярева) таҕыста. Олоҥхону биирдиилээн толорууга 10 киһи кыттан илин-кэлин түһүстүлэр. Түмүккэ 1 үрдэл Таатта Дьохсоҕонуттан сцена ветерана В.П. Харайданова-Эбээ Валя, 2 үрдэл Сунтаар Элгээйититтэн Изабелла Макарова-Толоон Нуораҕана, 3 үрдэл Любовь Платонова тахсан кыайыы кынаттаннылар.
Тэрээһиммит үрдүк таһымҥа ааһарыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут Мария Васильевна Турантаеваҕа, “Арчы” киин кэлэктиибигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциациятыгар, Олоҥхо тыйаатырын, Олоҥхо киинин үлэһиттэригэр, кыттааччылары бэлэмнээн аҕалбыт салайааччыларбытыгар, улуустарга баар Олоҥхо Ассоциациятын филиалларыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Инникитин даҕаны саҕалааһыннарбыт саргылана, түбүктэрбит үтүө түмүктэнэ турдунар.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастакытын ыытыллыбыт олоҥхоһут дьахтар олоҥхотун уонна билиҥҥи үйэҕэ айан холонор дьахталлар айымньыларын толорууга саҥа сүүрээн киирдэ, саха талба дьахтарын М.Н.Андросова-Ионова үтүө аата ааттанна, кини үтүө алгыһынан кынаттанан тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru саайтыгар анаан Макар Хара аатынан Уолба модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Екатерина Рахлеева