Үрүмэ оҥоруутугар үөрэннибит
Алтынньы 20 күнүгэр Ийэ сылын чэрчитинэн “Сайдам” нэһилиэк ийэлэрин түмсүүтэ уонна Игнатий Слепцов аатынан норуот айымньытын киинин үлэһиттэрин тэрийиитинэн оскуола оҕолоругар уонна ийэлэргэ аналлаах үрүмэ астааһыныгар маастар кылаас ыытылынна.
Куруһуба курдук тутан-хабан,
Чараас-чараастык халбыйан,
Барыанньалаан, арыылаан
Өбүгэ аһын сөргүтэр,
Үрүмэлиир илгэ Хотун –
Оҕо сааспыт доҕоро,
Альбина Ноговицына.
Тааттабыт биир талааннаах хоһоонньута Надежда Андросова бииргэ үөрэммит дьүөгэ кыыһын хоһоонугар бэркэ хоһуйбутун киһи эрэ кэрэхсиир, сөптөөх да тыллары анаабыт диэн сэргиир.
Альбина Арсентьевна Ноговицына сүөһүтүн - аһын оҕолорун кытта биири да энчирэппэккэ иитэр, ветеринар идэлээх буолан оҕолуу сыһыаннаһан көрөр-истэр. Үрүлүтэ сүүрдэр үрүҥ аһынан арааһы астаан оҕолорун, сиэннэрин күндүлүүр уонна араас таһымнаах ас конкурстарыгар ситиһиилээхтик кыттар. 2019 сыллаахха улууспут ыһыаҕар ыытыллыбыт “Үрүлүйэр үрүҥ аспыт – үрүмэбит барахсан” конкурска 32 араас үрүмэни оҥорон Кылаан кыайыылаах буолбута. Онтон ыла үрүмэ эрэ буолбакка өбүгэбит араас аһын астыыр албастарын дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир, үөрэтэр, санаатын атастаһар. Оскуолаҕа ыытыллар “Сатабыл” чемпионатыгар хаста да ситиһиилээхтик кытынна. Ааспыт сайын Чөркөөххө ыытыллыбыт «IIS-UUS, AS FEST»
республикатааҕы I этнографическай фестивальга “Үрүлүйэр үрүҥ аспыт – үрүмэбит барахсан” асчыттар конкурстарыгар ситиһиилээхтик кыттан “Үгэһи утумнааччы” анал аат кыайыылааҕынан буолбута.
Алтынньы 20 күнүгэр Ийэ сылын чэрчитинэн “Сайдам” нэһилиэк ийэлэрин түмсүүтэ уонна Игнатий Слепцов аатынан норуот айымньытын киинин үлэһиттэрин тэрийиитинэн оскуола оҕолоругар уонна ийэлэргэ аналлаах үрүмэ астааһыныгар маастар кылаас ыытылынна. Альбина Арсентьевна кыра кыыһа Нарыйа Иннокентьевна оҕолорун Айталы, Сайааны, Алинаны кытта үс араас хобордооҕунан астаан көрдөрдүлэр. Саамай кэрэхсэбиллээҕинэн сиэн уол Сайаан эбэтиттэн адьас арахсыбакка барытыгар иҥнигэһэ суох көмөлөһөрө буолла. Кэлбит кыргыттар, ийэлэр оргуйа турар үүттэн үрүмэтин хостоон ыларга үөрэнэн үөрдүлэр-көттүлэр.
“Мин ийэм саламаат астыырын көрөн улааппытым. Өрүү астыыр буолара да, үксүн ыалдьыттары маанылыыр буолан улаханнык тиксибэт этибит. Билигин онно көрбүппүн санаан астыыбын, дьоҥҥо кэпсиибин, оҥорорго үөрэтэбин. Минньигэһинэн тумаламмыт саламааты оҕолор ордук сөбүлээн сииллэр. Оҕолорум, сиэннэрим илии-атах буолан көмөлөһөллөр. Киһи тугу сатыырын хайаан да көрдөрүөхтээх, уопутун тарҕатыахтаах дии саныыбын. Ол иһин ити конкурстарга эҥин кыттабын. Бастакы конкурска кыттарбар ый курдук кэм устата астаан мунньубутум. Кыайбыппыттан олус үөрбүтүм, эр санаа киирэн билигин бу кэлэн кэпсии турабын” - бу
курдук таптаан астыыр, сиир аһын туһунан Альбина Арсентьевна кэпсиир, сатабылыгар үөрэтэр.
Түмүгэр маастар быыстапкаҕа астаан аҕалбыт арыылаах, дьэдьэннээх, сакалааттаах, банааннаах, сибиэһэй күөх лууктаах үрүмэтин кыттааччылар көрдүлэр, амсайдылар, биһирээтилэр.
Подробнее: https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/article/76237
Источник: https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/article/76237 |