В категории материалов: 11
Показано материалов: 11-11
Страницы: « 1 2


Арчыга олоҥхо дуорайда

13
 

Саха бастакы үөрэхтээх учуонай дьахталларыттан биирдэстэрэ, олоҥхоһут, тойуксут, фольклорист, этнограф, чинчийээччи, саха театральнай искусствотыгар бастакы олугу уурсубут Мария Николаевна Андросова – Ионова төрөөбүтэ 155 сылын көрсө ахсынньы 7 күнүгэр дьоллоох Дьокуускай куоракка «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр «Ондуруоһап эмээхсин курдук онолуйа туойдахпына…» диэн олоҥхо түһүлгэтэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу улахан түһүлгэни Мария Николаевна биир дойдулаахтара «Таатта улууһа» МТ дьаһалтата, «Уолба нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Уолба нэһилиэгин И.Слепцов аатынан норуот айымньытын киинэ, Тааттатааҕы «Ионова оскуолата» уопсастыбаннай түмсүү тэрийэн ыытта. Арчыга киирээккин кытта хас биирдии ыалдьыты, кыттааччылары сибиэһэй алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах туттулар.
Тэрээһини алгысчыт кытыт сылгы сиэлинэн, арыылаах алаадьынан айах тутан алҕаан сыт таһааран мустубут дьону арчылаата. Уолба нэһилиэгин уран тыллаахтара М.Н.Андросова – Ионова туһунан сырдатан кылгас дьүһүйүүнэн кэпсээтилэр, «Уолба нэһилиэгэ» МТ баһылыга Василий Петрович Рахлеев, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин директора Валентина Ивановна Бочонина, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин салалтатын үлэһитэ Марианна Вячеславовна Степанова мустубут дьоҥҥо, кыттааччыларга бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэрдэн ситиһиилэри баҕардылар. Талах курдаах Таатталар «Арчы Дьиэтигэр» талах олоппос бэлэх туттардылар.
«Ондуруоһап эмээхсин курдук онолуйа туойдахпына…» диэн олоҥхо түһүлгэтэ XIX – XX үйэ олоҥхоһут дьахталлар уонна билиҥҥи кэмҥэ дьахтар айбыт олоҥхолорун биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу ыытылынна. Бииртэн биир киһи эрэ «НОО» дии-дии истэ олоруох олоҥхолорун кыттааччылар олус ылыннарыылаахтык толордулар. Күрэххэ Тааттаттан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Сунтаартан, Дьокуускайтан, Амматтан, Үөһээ Дьааҥыттан хомоҕой тыллаах олоҥхоһуттар кыттыыны ыллылар.
Барыта бөлөҕүнэн толорууга 8 бөлөх кыттыыны ылла: «Алаһа дьоҕурдара» Дьокуускай, сал. Л.И.Платонова, К.Н.Дегтярева, «Күөгэйээнэ» Амма улууһа Амма нэһилиэгэ, сал. А.И.Артемьева, «Дьолуо» Таатта, Ытык Күөл, сал. Л.К.Цой, «Айылгы» НАДь улахан бөлөҕө, Чурапчы улууһун Чурапчы нэһилиэгэ, сал. В.И.Оконешникова, «Саһарҕа» Таатта, Ытык Күөл, сал. Е.А.Большакова, «Долун» Дьокуускай, сал. З.А.Стрекаловская, «Кылыһах» Таатта, Тыараһа нэһилиэгэ сал. М.Ф.Петрова, Уус Алдан улууһун бөлөҕө сал. Г.Н.Иванова.
Биирдиилээн толорууга барыта 10 олоҥхоһут кытынна: Изабелла Макарова — Толоон Нуораҕана, Сунтаар улууһа, Элгээйи, Галина Полускина — Таатта, Тыараһа, Раиса Маркова — Таатта, Ытык Күөл, Валентина Соколова — Дьокуускай, В.П.Харайданова — Эбэ Валя Таатта, Дьохсоҕон, Любовь Платонова Дьокуускай, Анастасия Алексеева Дьокуускай, Изабелла Фомина Дьааҥы улууһа, Табалаах, Людмила Цой, Таата Ытык Күөл илин — кэлин түһүстүлэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ биирдиилээн толорууну Василий Васильевич Винокуров – М.К.Аммосов аатынан ХИФУ философия кафедратын преподавателэ, олоҥхо философиятын чинчийээччи; Ульяна Михайловна Флегонтова — Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо киинин специалиһа; Надежда Анатольевна Оросина – гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт фольклорга уонна литератураҕа салаатын алын научнай үлэһитэ; бөлөҕүнэн толорууну Валентина Ивановна Бочонина – «Арчы дьиэтэ» Духуобунай киин директора, Елена Николаевна Протодьяконова – өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо киинин специалиһа; Зоя Андреевна Стрекаловская – АКуоИИ доцена, норуот уус-уран культуратын кафедратын сэбиэдиссэйэ бааллар.
Бу күн XIX–XX үйэ олоҥхоһут дьахталларын М.Н.Андросова-Ионова, П.М.Терютина-Ырыа Ымыычаан, Екатерина Иванова, Д.А.Томская-Чаайка, билиҥҥи кэм түһүмэххэ Тааттаттан Акулина Егасова, Чурапчыттан Анастасия Алексеева, Уус Алдантан Галина Иванова, Дьокуускайтан Любовь Платонова олоҥхолоро толорулунна.
Дьэ кимнээх кыайыы өрөгөйүн туппуттара буолуой?… Күрэс түмүгүнэн: XIX – XX үйэ олоҥхоһут дьахталлар олоҥхолорун биирдиилээн толорууга:
1 Үрдэл – Раиса Маркова, Таатта, Ытык Күөл.
Анал ааттар: «Үгэс утума» – Людмила Цой — Таатта, Ытык Күөл, «Сэргэх сэһэн» – Изабелла Фомина Дьааҥы, Табалаах, «Түөлбэ олоҥхотун салҕааччы» – Галина Полускина Таатта, Тыараһа.
XIX – XX үйэ олоҥхоһут дьахталлар олоҥхолорун бөлөҕүнэн толорууга:
1 Үрдэл – «Дьолуо» Таатта сал. Л.К.Цой. 2 Үрдэл – «Күөгэйээнэ» Амма улууһа, Амма, сал. А.И.Артемьева, 3 Үрдэл – «Кылыһах» Таатта, Тыараһа, сал.М.Ф.Петрова.
Анал ааттар: «Кэскиллээх бөлөх» «Долун» Дьокуускай, сал. З.А.Стрекаловская.
Билиҥҥи кэмҥэ дьахтар айбыт олоҥхотун бөлөҕүнэн толорууга:
1 Үрдэл – «Алаһа дьоҕурдара» Дьокуускай сал. Л.И.Платонова, К.Н.Дегтярева.
Анал ааттар: «Кылыһахтаах тойуктаах толорооччулар» – «Уйгу» Уус Алдан, сал. Г.Н.Иванова, «Дорҕоон тойуктаах толорооччулар» «Айылгы» НАДь, улахан дьон бөлөҕө, Чурапчы улууһа, Чурапчы, сал. В.И.Оконешникова, «Олоҥхо аартыгын сэргэтээччилэр» – «Саһарҕа» Таатта, Ытык Күөл, сал.Е.А.Большакова.
Биирдиилээн толорууга: 1 Үрдэл – В.П.Харайданова-Эбэ Валя, Таатта Дьохсоҕон, 2 Үрдэл – Изабелла Макарова — Толоон Нуораҕана, Сунтаар, Элгээйи, 3 Үрдэл – Любовь Платонова, Дьокуускай, “Дорҕоон тойуга” анал аат – Анастасия Алексеева Дьокуускай.
Тэрээһиҥҥэ маны таһынан тэҥҥэ Тааттатааҕы «Ионова оскуолата» уопсастыбаннай түмсүү уран тарбахтаахтарын быыстапката, маастар кылаастара буоллулар. Тэрээһин иккис чааһыгар М.Н.Андросова-Ионова олоҥхотунан Олоҥхо театырын артыыстарын (С.И.Борисова туруоруута) «Таптал талыыта” испэктээҕинэн түмүктэннэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан ыытыллыбыт олоҥхоһут дьахтар олоҥхотун уонна билигин, аныгы үйэҕэ айан холонор дьахталлар олоҥхолорун толорууга саҥа сүүрээн бырайыагы бастакынан өйөөбүт ытык мааны киһибитигэр Мария Васильевна Турантаеваҕа, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай киин айар коллективыгар, куруутун күүс-көмө, сүбэ-ама биэрэр дьоммутугар — өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциациятыгар, Олоҥхо театрын, Олоҥхо киинин үлэһиттэригэр, кыттааччылары бэлэмнээн аҕалбыт салайааччыларга, улуустар Олоҥхо Ассоциацияларын филиалларыгар, «Таатта улууһа» МТ дьаһалтатыгар, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр, Тааттатааҕы «Ионова оскуолата» уопсастыбаннай түмсүүгэ Уолбалар ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Маннык улахан тэрээһиммитигэр күүс-көмө буолан аныгы сиэринэн спонсордаабыт бары дьоммутугар, тэрилтэлэрбитигэр:
Томпо-Таатта уокурукка ИЛ ТҮМЭН депутата В.Н.Лебедев, Олоҥхо театырыгар, «Таатта улууһа» МР М.М.Соров, «Уолба нэһилиэгэ» МТ В.П.Рахлеев, «Уолба» ТХПК директор Н.П.Сартаев, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, директор Г.Г.Вырдылин, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, «Ионова оскуолата» сал. Е.Е.Семенова, ДНТ «Кытыл» Уус Таатта директор В.А.Максимова, КУД «Тускул» Баайаҕа директор М.П.Романова, КУД «Алдан» Хара Алдан директор Т.П.Жиркова, махтал-баһыыба тылларын этэн туран, кэскиллээҕи кэҥэтиһиҥ, үтүөнү эрэ үксэтин, саҥаттан саҥаны айа-тута үрдүктэн үрдүккэ айымньылаахтык үлэлээҥҥит ситиһиинэн эрэ сиэттиһиҥ.
Саха бастакы үөрэхтээх учуонай дьахталларыттан биирдэстэрэ, олоҥхоһут, тойуксут, фольклорист, этнограф, чинчийээччи, саха театральнай искусствотыгар бастакы олугу уурсубут Мария Николаевна Андросова–Ионова үтүө аата өрөспүүбүлүкэни биир гына ааттанан, улуус улуус аайыттан талааннаах олоҥхоһуттары түмэн, дьоро күммүтүгэр бэл ахсынньыбыт аам даам тымныыта намырыйбыкка дылы буолла.
В.РАХЛЕЕВА, Уолба.

Мои статьи | Просмотров: 580 | Добавил: uolba_ksk | Дата: 18.03.2020 | Комментарии (0)


1-10 11-11
close