Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, этнограф, чинчийээччи, айанньыт, фольклорист, саха театральнай искусствотын бастакы хардыыларын олук уурсубут Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “ОНДУРУОҺАП ЭМЭЭХСИН КУРДУК ОНОЛУЙА ТУОЙДАХПЫНА” дьахтар олоҥхотун толоруу балаһыанньата. ⚜️ Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, “Арчы” духуобунас киинэ ⚜️ Көрүү сыала-соруга: ... Читать дальше » |
Күндү Таатта улууһун олохтоохторун, ыалдьыттарын сэтинньи 2️⃣2️⃣ күнүгэр 2024с. киэһэ 5️⃣ чаастан Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театрыгар ыҥырабыт. Ырыа-тойук кэрэ эйгэтин сэҥээр, киирии билиэтинэн акцияҕа кытын- кыһыҥҥы хаһааскын булун! |
КҮНДҮ ОҔОЛОР, ТӨРӨППҮТТЭР ОЛОҤХО КЭРЭ ЭЙГЭТИН КЫТТА АЛТЫҺАР ДЬОҺУН КҮНҮГЭР ЫҤЫРАБЫТ. Тэрээһин аһыллыыта. |
Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр 2025 сылга 22-с төгүлүн ыытыллыахтаах «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн рекламнай видеороликтары устарга, оҥорорго эбии үөрэх ыытылынна. Үөрэҕи «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын оператора Степан Алквиадович Атастыров ыытта. |
|
|
Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларыгар саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, ырыаһыт, фольклору хомуйааччы, учуонай, чинчийээччи Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах "Олоҥхоһут кыыс" бырайыак 2014 сылтан утумнаахтык үлэлиир. Быйыл Мария Николаевна үбүлүөйдээх сылыгар улуустааҕы күрэс уопсайа 25 оскуола үөрэнээччитэ, 22 уһуйаан иитиллээччитэ кытыыны ыллылар. Ол курдук уһуйаан саастаах оҕолорго "Кылаан кыайыылаах" үрдүк аатын "Кэнчээри" уһуйаан иитиллээччитэ Василина Рахлеева ылла. 6 саастаах кыргыттарга- ... Читать дальше » |
1864 сыл алтынньы 14 күнүгэр саха дьахталларыттан бастакынан айар-литературнай уонна научнай-чинчийэр үлэҕэ сыстыбыт, төрөөбүт норуотун этнографиятын, фольклорун, итэҕэлин билээччи уонна хомуйааччы быһыытынан биллэр Мария Николаевна Андросова-Ионова күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, эһэтигэр иитиллибитэ. Өймөкөөн биллэр атыыһыта Н.О. Кривошапкиҥҥа үс төгүл таас хайалары, уулаах үрүйэлэри, үрэхтэри, улахан бадарааннары туораан, бырдах оҥоойу ортотунан, суолун биир өртүн, табылыннаҕына, биир ый устатыгар айаннаан, таһаҕас таһыытыгар сылдьыспыт... Сиһилии Анна Петровна Боппосова материалыгар аа5ыҥ: https://pvs-rgo.ru/2024/10/14/b%d3%a9%d2%95%d3%a9-maaryja-mariya-nikolaevna-androsova-ionova/ ... Читать дальше » |
... Читать дальше » |
ССРС гидрометеорологическай сулууспатын туйгуна, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ымыылаах ырыаһыт, автор-мелодист ИГНАТИЙ ИГНАТЬЕВИЧ СЛЕПЦОВ төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин анал биэриитин сэҥээрэ истэргитигэр ыҥырабыт. https://taattakultura.ru/2024/10/07/игнатий-игнатьевич-слепцов-төрөөбүт/
|