Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, этнограф, чинчийээччи, айанньыт, фольклорист, саха театральнай искусствотын бастакы хардыыларын олук уурсубут Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “ОНДУРУОҺАП ЭМЭЭХСИН КУРДУК ОНОЛУЙА ТУОЙДАХПЫНА” дьахтар олоҥхотун толоруу күрэскэ уопсайа Таатта, Нам, Сунтаар, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан 45 олоҥхону толорооччу кыттыыны ылла, ол иһигэр 4 бөлөх, 12 биирдиилээн толорооччу.
Тэрээһиммитин сахалыы сиэринэн аал уоту аһатан, айах тутан алгысчыт Петр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ саҕалаата. Ол кэннэ биир дойдулаахпыт М.Н.Андросова-Ионованы бары үтүөтүн-өҥөтүн бэлиэтээн-билиһиннэрэн үөрүүлээх быһыыга тэрээһиммит аһыллыыта .уонна кини суруйбут олоҥхолоро "Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара" уонна "Күлкүл бөҕө уонна Силир
...
Читать дальше »