19:39
Бүгүн Арассыыйаҕа Дьоруой күнэ бэлиэтэнэр

Бүгүн ахсынньы 9 күнүгэр Арассыыйаҕа Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ.
1769 с. кэминээҕи бу суолталаах күҥҥэ Екатерина II ыраахтааҕы Сибэтиэй Георгий уордьанын туттарбыт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, 2007 сыллаахха “Арассыыйаҕа Албан аат уонна бэлиэ күн туһунан” Федеральнай сокуонунан Ахсынньы 9 күнэ – Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүнэн биллэриллибитэ.
ССРС кэмигэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, 3 степеннээх Албан Аат Уордьана, 1992 сылтан Российскай Федерация Геройа судаарыстыбаннай наҕараадалар олохтоммуттара.
Арассыыйа судаарыстыбата тэриллиэҕиттэн билиҥҥи кэмҥэ диэри биһиги дойдубут героическай историята киэҥ. Арассыыйа норуота ханнык да өстөөххө бэриммэккэ дойдубут көҥүлүн иһин хорсуннук турунан Аҕа дойдутун көмүскээбитэ. Кинилэр олохторо кэнчээри ыччапытыгар Дойдуга бэриниилээх буолуу, Ийэ дойдуга таптал холобурунан буолаллар.
Бу күн Арассыыйа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын, Сибэтиэй Георгий Уордьан уонна Албан Аат Уордьанын кавалердарын чиэстииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, анал байыаннай дьайыы саҕаламмыта икки сыл иһигэр Саха сириттэн номнуо 9 Арассыыйа Дьоруойа баар буолла.

 

 

 

 

Просмотров: 22 | Добавил: uolba_ksk | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
close