11:42
"ТУПСУУ" мэҥэ тааһын арыйыыта

Таатта улууһугар Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиир ыйы арыйар "ТУПСУУ" мэҥэ тааһын арыйыыта буолла. П.А. Ойуунускай салайааччылаах Саха АССР ревкома 1922 с. муус устар 22 күнүгэр өрө турааччылары амнистиялыыр туһунан манифест таһаарбыта. Ол докумуоҥҥа сигэнэн 1923 сыл муус устарыгар Байаҕантай улууһун Уолба сиригэр үрүҥ хамсааһыны салайсыбыт П.И. Оросин, А.И. Говоров, М.П. Слепцов-Отоороп Саха АССР тэриллибитинэн, сэбиэскэй былааһы ылыналларын биллэрбиттэрэ. Ол түгэн бар дьоҥҥо ТУПСУУ диэн аатынан хаалбыта.

#Ойуунускай130сыла #тупсуу #согласие #барыбииргэ

Просмотров: 250 | Добавил: uolba_ksk | Рейтинг: 5.0/1
Всего комментариев: 0
avatar
close