КҮНДҮ ОҔОЛОР, ТӨРӨППҮТТЭР ОЛОҤХО КЭРЭ ЭЙГЭТИН КЫТТА АЛТЫҺАР ДЬОҺУН КҮНҮГЭР ЫҤЫРАБЫТ.
СЭТИННЬИ 22 КҮНҮГЭР
10 чаастан
Таатта театрыгар
Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах Таатта улууһугар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар
«ОЛОҤХО ЫЛЛЫГЫНАН» тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт.
ТЭРЭЭҺИН ТОРУМА
Сарсыарда 10 чаастан кырачааннарга ананар
Тэрээһин аһыллыыта.
Олоҥхо персонажтарынан косплей
- Көрөр саала
10.30 ТҮҺҮЛГЭЛЭР
«Таабырын хонуута»
«Чөмчүүк саас оһуохайа»
«Чыыбы чаабы оҕо чабырҕаҕа»
«Аптаах алыптаах остуоруйалар»
«Дьиэрэй, оҕо саас ырыата» саха музыкальнай инструменнарынан доҕуһуоллатан сахалыы ырыа түһүлгэтэ
Улуустааҕы «Олоҥхо оонньуурдара уонна оонньуулара» оскуолаҕа киириэн саастаах оҕолорго бэйэ айбыт оонньууларын уонна оонньуурдарын көрдөрүү
14ч.00 ОСКУОЛА ОҔОЛОРУГАР
Олоҥхотун персонажтарынан косплей
14ч.30 ТЭРЭЭҺИННЭР
Олоҥхо персонажтарын уобарастарынан көстүүмнээх ФОТОЗОНА
«Таабырын хонуута»
«Чыыбы чаабы оҕо чабырҕаҕа»
«Дьиэрэй, оҕо саас ырыата» саха музыкальнай инструменнарынан доҕуһуоллатан сахалыы ырыа түһүлгэтэ
Улуустааҕы «Оҕо-аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ!»
оһуохай күрэһэ Маастар кылаас.
Алын кылаас сүһүөх оҕолоругар аналлаах «Аптаах алыптаах остуоруйалар»
А.Е.Кулаковскай «Сайын кэлиитэ» айымньытын нөҥүө олоҥхону истии тифло-испэктээх
«Олоҥхону ааҕабыт» олоҥхону дорҕоонноохтук ааҕыы
Улуустааҕы «Олоҥхо оонньуурдара уонна оонньуулара»
«Өс хоһоон-өбүгэ номоҕо» өс хоһоону ситэрии оонньуу
«Сахам тыла — төрүт тылым» күннээҕи олоххо туттуллар тыллары таба таайарга оонньуу
«Тобул» олоҥхо сүрүн ис хоһоонунан бириэмэҕэ пазл хомуйууга оонньуу
«Салама киэргэлэ» маастар кылаас
«Тобуллаҕас толкуй, өркөн өй» хамаанданан сахалыы лото оонньуута
«Хабыалыыр хаамыска, харбыалыыр хабылык» остуол оонньуута
«Олоҥхо дойдутунан айан» оонньуу
«Аал Луук Мас таайбарана» ыйытыктарга хоруй оонньуута
|