Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр 2025 сылга 22-с төгүлүн ыытыллыахтаах «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн рекламнай видеороликтары устарга, оҥорорго эбии үөрэх ыытылынна. Үөрэҕи «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын оператора Степан Алквиадович Атастыров ыытта.