15:59 Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн "Ыалга олоҥхолооһун" бырайыак чэрчитинэн дьоро тэрээһин буолла | |
Сэтинньи 20 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадата "Ыалга олоҥхолооһун" бырайыагынан саҕаланна. Бу күн Иннокентий Трофимович Виктория Всеволодовна Боппосовтар дьиэ-кэргэн балаҕаннарыгар кыралыын-улаханныын мустан, олоҥхо киэһэтин тэрийдибит. Тэрээһиммитин алаһа дьиэ далбар хотуна Виктория Всеволодовна аал уотун оттон, арыылаах алаадьынан, амтаннаах саламаатынан айах тутан саҕалаата. Балаҕан хаһаайына Иннокентий Трофимович көмүлүөгүн сотору-сотору күөдьүтэн биэрэн, мас быраҕан, сып-сылаас сахалыы тыыннаах эйгэҕэ олоҥхо киэһэтэ оройуттан тутулунна. Дьоро киэһэбит ыалдьыта олоҥхону куолаан толорор “Удьурҕай” бөлөҕү тэрийбит, омук сирдэринэн фестивалларга, куонкурустарга кыттыбыт, 2014 с. Хаҥаласка ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон Кыыс Ньургун тойугунан өрөспүүбүлүкэҕэ Гран При буолбут, “Күлкүл бөҕө оҕонньор икки Силлирикээн эмээхсин икки” олоҥхонон Кыыл Уолун үбүлүөйдээх ыһыаҕар Сунтаарга Сергей Зверев аатынан анал ааты ылбыт, Ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр стипендиата, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, Тааттыныскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо Раиса Семеновна Маркова буолла. Кини бу киэһэ П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр "Айыы Дьураҕастай Бухатыыр" олоҥхтуттан быһа тардан иһитиннэрдэ, истээччилэр сэҥээриилэрин ылыан ылла. Раиса Семеновна - Виктория Всеволодовна салайааччылаах уһуйаан иитиллэччилэрэ бэйэлэрин саастарыгар (4-5 саас) улахан ситиһилээхтэр: 4. олоҥхо персонажтарын- сүрүн дьоруойдарын ырыаларын таба толороллор Маны таһынан, "Дьэ-буо" бөлөх биир дойдулаахпыт М.Н.Андросова-Ионова "Үүт Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара" олоҥхону толорууларын сэҥээрэ истэн, бэйэтин санаатын тиэртэ, толорооччуларга сүбэтин эттэ. Олоҥхону истии кэнниттэн сахалыы остуол оонньууларын оонньоон, баай астаах сандалы тула олорон сэһэргэһэн санаа үллэстэн, астынан тарҕастыбыт. Бу балаҕаҥҥа нэһилиэк тэрээһинэ хаһыс да сырыытын ыытылынна. Онон ыалдьытымсахсаха ыалыгар Боппосовтарга махтал бастыҥын аныыбыт!
| |
|
Всего комментариев: 0 | |