13:08 Саха биллиилээх ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера Анна Егорова | |
Анна Ивановна Егорова
Саха норуотун чулуу кыыһа, уһулуччу талааннаах ырыаһыта, Россия уонна Саха Республикатын народнай артыыската Анна Ивановна Егорова 1915 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр Байаҕантай улууһугар Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Т. П. Местников салалтатынан художественнай самодеятельноска кыттар эбит. Сэттэ кылааһы бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка связистар курстарын бүтэрбитэ. 1931-1934 сс. Ытык-Күөлгэ телефонистканан, онтон кэлин Таатта оройуоннааҕы сибээс узелыгар начальнигынан үлэлээбитэ. 1934 с. Дьокуускай куоракка көспүт. Онно кинини саха бастакы мелодиһа Ф. Г. Корнилов таба көрөн 1935 с. саҥа тэриллэн эрэр Саха араадьыйатын ырыаһыттарын бөлөҕөр ыҥырбыт.1935 сыллаахха куоракка үөрэххэ киирбитэ. 1936 сыллаахха радио национальнай хоругар үлэҕэ ылыллыбыта. Манна норуодунай артыыстар П. И. Васильевы, Т. П. Местниковы, П. М. Решетниковы кытта алтыспыта, драма спектаакылларга ырыалаах оруоллары толорон сценическэй маастарыстыба оскуолатын ааспыта. Артыыска тута кэриҥэ сольнай тахсыылары көҥүллээбиттэрэ. Онно кини бэйэтин ырыаларын ыллыыра. Ол ырыалар киэҥник биллибиттэрэ уонна билигин да норуокка ылланаллар: «Арахсыы», «Билинии» (П. Тулааһынап тыллара), «Доҕоруом, дуораччы туойуохха» (Софрон Данилов тыллара), «Остуол ырыата» (Чаҕылҕан тыллара), «Комсомол» (Эллэй тыллара), «Сардаҥалаах аартыгынан» (Макаар Хара тыллара), уонна да атыттар. 1939 с. Москваҕа сахалыы ырыалары биир бастакынан грампластинкаларга суруйтарбыта. 1940 с. Воронеж куоракка саха ыччатын бөлөҕүн кытта музыкальнай училищеҕа үөрэнэ барбыта, ол эрээри 1941 сыллаахха Аан дойду сэриитэ саҕаланан үөрэҕин ситэрбэккэ төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлэр уонна Саха государственнай музыкальнай-драматическай театрыгар уонна радиоҕа солистканан, опернай солистканан үлэлээбитэ. Бу сылларга саха истээччитэ аан бастаан классическай опералар быһа тардыыларын истибитэ: «Пиковая дама», «Русалка», «Евгений Онегин». 1948 сыллаахха Казань куоракка РСФСР композитордарын Сойууһун Пленумугар Т. П. Местниковтыын М. Н. Жирков музыкатыгар сахалыы ыллаан улахан биһирэбили ылбыттара. 1957 сыллаахха Москва куоракка саха литературатын уонна искусствотын биэчэрдэригэр М.Жирков уонна Г.Литинскэй “Дьулуруйар Ньургун Боотур” операларыгар Туйаарыма Куо партиялары туруорбута. 1960 сыллаахха Н.А.Римскэй-Корсаков аатынан Ленинградтааҕы консерватория режиссерскай факультетын студентката буолар. 1963 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн саха дьахталларыттан бастакынан опернай режиссер аатын ылар. Кини П.Чайковскай “Евгений Онегин”, С.Рахманинов “Алеко”, Д.Верди “Травиата” операларын, У.Гаджибеков “Аршин мал-алан” музыкальнай комедиятын туруортаабыта. Анна Ивановна «Галька» диэн ааттаах С. Монюшко оператын туруорарга, Г. Григорян «Сир Симэҕэ» опереттатын саҥаттан туруорарга көмөлөспүтэ. Онно Хара Мотуо оруолун бэйэтэ ыллаабыта. 1965 сыллаахха А. И. Егорова театр музыкальнай чааһын салайбыта. Саҥа ырыаһыттары булууга элбэх өҥөлөөх. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы консерваторияҕа ыыппыт оҕолоро бары үөрэххэ киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр аатырбыт баас И. П. Степанов, тенор С. П. Оконешников, эбээн омугуттан бастакы профессиональнай ырыаһыт С. Н. Дьяконов, артыыстар Н. Д. Сазонова, И. К. Иевлев, В. И. Колодезникова. Үтүөкэннээх ырыаһыт, саха бастакы опернай режиссера А.И.Егорова өр кэмҥэ чаҕылхай айымньылаах үлэтин Республика Правительствота үрдүктүк сыаналаабыта. Киниэхэ 1947 сыллаахха Саха АССР үтүөлээх, 1957 сыллаахха РСФСР народнай артыыскатын ааттара иҥэриллибиттэрэ. Кини “Бочуот знага” орденынан, үгүс медалларынан, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. А.Е.Егорова Саха АССР 2-с ыҥырыылаах Верховнай Сэбиэтин депутатынан талылла сылдьыбыта, Кини ЫБСЛКС Саха сиринээҕи обкомун Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо этэ. Наҕараадалара уонна ытык ааттара:
| |
|
Всего комментариев: 0 | |