ИДЭҺЭ СИЭРЭ-ТУОМА
- Ынаҕы, сылгыны иитэр киһи хайаан даҕаны сылын аайы идэһэлэнэр. Сорох киһи убаһатын “туттарбат” диэн, саанан ытар. Бу – улахан сыыһа, ханнык да түбэлтэҕэ ытан өлөрүллүбэт.
- Сүөһүнү сүөһүгэ, сылгыны сылгыга көрдөрөн туран астаныллыбат. Сүөһүнү үөрэ-көтө астанар, аһыас курдук.
- Эбэ диэки, ол эбэтэр дьиэлэр быыстарынан, арыы тыаларынан аһаҕас сирдиэки хайыһыннаран баран сүүскэ охсуллар. Оччоҕо өлүк салгына, охсубут киһинэн буолбакка, эбэнэн тахсан барар. Эбэни таҥнары көрдөрөн туран охсуллубат, ити – кэһиллибэт улахан сиэр-туом
- Идэһэни охторон баран, быатын ньылбы таһыйан ылан мээнэ элитиллибэт, суулуу, хомуйа тутан, кэлин диэки чөкө ууруллар.
- Дьэ, ол кэннэ хабарҕатын хайа сотуллар уонна ыраас хаарга эбэтэр күөх к
...
Читать дальше »
Просмотров:
591
|
Добавил:
uolba_ksk
|
Дата:
05.11.2021
|
| |