17:48 "80 үтүө дьыала" хамсааһын чэрчитинэн "Көмүс күһүн бэлэҕэ" акция | |
Алтынньы 1 күнүгэр норуот айымньытын киинигэр Аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах декада уонна "80 үтүө дьыала" хамсааһын чэрчитинэн "Көмүс күһүн" акция ыытылына. Нэһилиэкпит олохтоохторо бэйэ үүннэрбит оҕуруот астарын, барыанньа, кэнсиэрбэлэммит ас арааһын, кус аҕалан акцияҕа үөрэ-көтө кыттыстылар. Бүгүн Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэринэн акцияҕа хомуллубут ас нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар бэлэх быһыытынан туттарылынна. Күндү Аҕам саастаах ытык-мааны дьоммутугар, Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, өссө да өр сылларга биһигини үөрдэ-көтүтэ, сүбэ-ама буола, этэӊӊэ сылдьаргытыгар баҕарабыт! | |
|
Всего комментариев: 0 | |