Бүгүн алтынньы 1 күнүгэр Норуот айымньытын киинигэр Аҕам саастаахтарга аналлаах декада чэрчитинэн "Кыһыҥҥы хаһаас" маастар-кылаас буолан ааста. Маастар-кылааһы Уолбабыт минньигэс астаах хаһаайката Елена Филипповна кыыһынаан Устялыын ыыттылар. Елена Филипповна кэлбит ыалдьыттарга оҕуруот аһын хаһааныы кистэлэҥин уонна кэнсиэрбэлээһин туһунан кэпсээтэ, бэйэтин уопутун үллэһиннэ, минньигэс бүлүүдэлэринэн күндүлээтэ. Елена Филипповнаҕа астык маастар-кылааһыгар махтанабыт, өссө да үгүс дьон махталын, сэҥээриитин ыла тураргар баҕарабыт.

... Читать дальше »

Просмотров: 119 | Добавил: uolba_ksk | Дата: 01.10.2024 | Комментарии (0)

Алтынньы 1 күнүгэр норуот айымньытын киинигэр Аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах декада уонна "80 үтүө дьыала" хамсааһын чэрчитинэн "Көмүс күһүн" акция ыытылына.  Нэһилиэкпит олохтоохторо бэйэ үүннэрбит оҕуруот астарын, барыанньа, кэнсиэрбэлэммит ас арааһын, кус аҕалан акцияҕа үөрэ-көтө  кыттыстылар. Бүгүн Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэринэн акцияҕа хомуллубут ас нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар бэлэх быһыытынан туттарылынна. 

Күндү Аҕам саастаах ытык-мааны дьоммутугар, Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, өссө да өр сылларга биһигини үөрдэ-көтүтэ, сүбэ-ама буола, этэӊӊэ сылдьаргытыгар баҕарабыт!

... Читать дальше »

Просмотров: 116 | Добавил: uolba_ksk | Дата: 01.10.2024 | Комментарии (0)

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр “Сүүс саастаах Кыайыы буойуна” тэрээһин буолан ааста. Уолба нэһилиэгигэр “Сүүс саастаах буойуттар” проект  бэтэрээннэр түмсүүлэрин көҕүлээһининэн үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Быйылгы сылга сүүс сылларын туолар Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарынан Фрументий Абрамович Андросов-3, Георгий Денисович Никонов, Николай Сергеевич Доргуев, Николай Николаевич Туласынов, Егор Алексеевич Тарасов уонна Степан Спиридонович Бочуров буолаллар, сиһилии бу сигэнии баттаан көр.

https://uolbalib.ru/2024/09/30/сүүс-саастаах-кыайыы-буойуна-тэрээһи

Просмотров: 53 | Добавил: uolba_ksk | Дата: 01.10.2024 | Комментарии (0)

close