11:32
Ырыаһыт Игнатий Слепцов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста

Балаҕан ыйын 18 күнүгэр саха ускуустубата уонна култуурата сайдарыгар кылаатын киллэрбит Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Игнатий Игнатьевич Слепцов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

Тэрээһин СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар буолла, оҕолоро, аймахтара, култуура үлэһиттэрэ кэлэн, ахтан-санаан аастылар, мелодист ырыаларын грампластинкаҕа иһитиннэрдилэр.

Игнатий Слепцов ырыаһыт, мелодист быһыытынан киэҥник биллэр, 50-ча ырыалааҕа, тылын үксүн бэйэтэ айара. Ону таһынан, артыыс уонна режиссер быһыытынан биллэр. Уонунан пьесаҕа сүрүн оруоллары оонньообута.

Биллиилээх мелодист, талааннаах артыыс, режиссер Игнатий Игнатьевич Слепцов 1924 сыллаахха от ыйын 8 күнүгэр Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бастакы мелодията В. Чиряев «Доҕорбор» диэн хоһоонугар 1947 сыллаахха айыллыбыта.

1957 сыллаахха Саха сирин ыччатын маҥнайгы өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлигэр «Олус да тупсубуккун», «Хоть знала бы» диэн бэйэтин саҥа айымньыларынан кыттан лауреат буолбута. 1959 сыллаахха ыччат иккис бэстибээлигэр «Күөрэгэй», «Ыһыах», 1963 сыллаахха «Тааттаҕа», «Туруйа», 1967 сыллаахха «Кэргэммэр», «Ырыам аргыс буолуохтун» диэн саҥа ырыалары айан, өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэргэ кыттан үрдүк ситиһиилэммитэ.

1972 сыллаахха Игнатий Слепцов 24 ырыата пластинкаҕа уһуллан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тиийэ тарҕаммыта, сорох ырыалара магнитофон лиэнтэтигэр, нота лиистэригэр суруллан, тэрилтэлэр пуондаларыгар ууруллан сыталлар. 1968 сыллаахха «Кругозор» диэн аан дойдутааҕы сурунаалга кини ырыата сахалартан бастакынан тахсыбыта. Игнатий Игнатьевич ырыа айан ыллыырын таһынан, Таатта народнай тыйаатырыгар артыыс, режиссер уонна салайааччы быһыытынан биллэр-көстөр үлэни ыыппыта.

Просмотров: 67 | Добавил: uolba_ksk | Рейтинг: 5.0/1
Всего комментариев: 0
avatar
close