| 16:26 Таатта улууһун Норуот маастара Михаил Трофимович Боппосов маастар-кылаас биэрдэ | |
| 
 Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо, норуот маастара Михаил Трофимович Боппосов сылын аайы нэһилиэгин олохтоохторугар араас маастар-кылааһы биэрэр, бэйэтин сатабылларыгар, уһаныы кистэлэҥнэригэр үөрэтэр-такайар. Ол курдук былырыын тэтиҥтэн массажер оҥорорго, онтон быйыл уос номоҕор киирбит Таатта талаҕыттан кур оҥорорго үөрэттэ. Маастар-кылааска оскуола оҕолоро, нэһилиэк олохтоохторо астына сырыттылар, кыттыбыт дьон бука бары талахтан кур илии тутуурдаах бардылар. 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 | |
|  | |
| Всего комментариев: 0 | |











