09:50
Олоҥхоҕо кыыс оҕону иитии

Саха омук кыыс оҕо кэрэтин уруйдаан, кэрэхсээн, сүгүрүйэн былыр-былыргыттан ырыаҕа ыллаабыт, хоһооҥҥо хоһуйбут, номоххо киллэрбит: «Кыыс оҕо барахсан дьэдьэн курдук тэтэрэ умайда, тоҕус өргөстөөх толомон маҥан күнүм толонун курдук, толбонноох ньуура туналыйан көһүннэ» - диэн олонхоҕо кыыс туһунан олус учугэйдик этиллэр.

 

Ханнык баҕарар уопсастыба төрүт култууратыгар уонна норуот педагогикатыгар олоҕуран, ситиһиилээх киһини иитэр. Үүнэр көлүөнэ төрөөбүт култууратыгар тирэҕирэн, киһи-аймах ытык өйдөбүллэрин өйдүүр, ытыктыыр буола улаатарыгар норуот педагогиката олук уурар.

 

Олоҥхоҕо кыыс оҕону иитии

 

Норуот тылынан уус-уран чулуу айымньытыгар олоҥхоҕо кыыс оҕону иитии туспа буолара көстөр. Кыыс оҕо инники кэскилин быһа түспэтиннэр, кини ураанхайы ууһатар, кэскили кэҥэтэр аналлаах диэн олоҥхолорго кыыстарын харах харатын курдук харыстаан иитэллэр.

Кыыс оҕону барыны бары сатыыр, ыраас тутуулаах үлэһит быһыытынан хоһуйан көрдөрүү олоҥхоҕо эмиэ көстөр:

Көмөгөйүттэн үс күнүм

Өрө көтөн тахсан иһэрин курдук

Үрүҥ үчүгэйкээн субалаах,

Чабырхайыттан алтан ыйым

Тэмтэйэ тахсарын курдук

Сыдьаай кэрэ бэйэкэлээх

Үөмэр-чүөмэр үктэммит,

Өгүрүк-төгүрүк көрбүт,

Сэттэ сыа чүмэчи

Сырдьыгыныы умайан

Сырдаан көстүбүтүгэр дылы

Сырайдаах үчүгэйэ

Сыралыма Куо балта кыыс оҕо

Үрүҥ илгэ аһын-үөлүн

Хойуу өттүн убатан,

Убаҕас өттүн хойуннаран,

Тумалаан-имэлээн тупсаран,

Сиикэй курдугун буһаран,

Итии курдугун сойутан,

Асчыт киэнэ ааттааҕа,

 

Оһуордьут киэнэ ордуга,

Иистэнньэҥ бэрдэ буолбут.

(Күн Эрили. Олоҥхо)

 

Кыыс оҕону маанылаан иитэллэрэ ордук кичэйэн бэлиэтэнэр. Маныаха кини киэргэлэ-симэҕэ, мала-сала, быһыыта-майгыта ордук тоһоҕолонор. Маанытык иитиллибит кыыс оҕо улаатан туох-ханнык киһи буолара олоҥхо тылынан уустаан-ураннаан ойууланар. Кыыс оҕо наҕыл, көрсүө майгыта ордук биһирэнэр. Ол курдук Үөкэйдээн Куо...

 

Барыларыгар маанылаах,

Элбэхтэригэр эйэлээх,

Үс былас суһуохтаах

Үөкэйдээн Куо кыыстара

Көтөл муҥунан көмүстээх,

Ат муҥунан алтаннаах,

Киис тириитигэр кистэммит,

Саарба тириитигэр саспыт

Буобура тириитигэр буккуллубут,

Тоҕус уолан киһи доҕуһуоллаах,

Аҕыс кыыс дьахтар араллааннаах,

Көрөрдүүн көрсүө,

Саҥарардыын наҕыл,

Истиэхтэн эҥин дьикти эбит,

Өгүрүк – төгүрүк көрбүт,

Үөрэ-дьүөрэ үктэммит,

Үтүө дьахтар эбит.

Саха кэрэ Айыы кыыһын идеала – Туйаарыма Куо

 

Туйаарыма Куо төгүрүччү, толору саха кэрэ Айыы кыыһа, онон саха кыыһын идеала буолар. Туйаарыма Куо биэс сүрүн кэрэтэ холбоһон, кинини төгүрүччү, толору кэрэ оҥороллор.

Бастакытынан, Туйаарыма Куо кэрэтэ кини тас көрүҥэр. П.А.Ойуунускай Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо үс оонньуулаах олоҥхотугар Олоҥхолоон оҕонньор Туйаарыма КУо тас көрүҥүн бу курдук ойуулуур

 

Таҥас бүтэй

Талба нарын

Тамана сандаарбыт,

Эт бүтэй

Эттэр эриэккэс

Силиитэ дьалкыйан көстүбүт...

Чаҕыл-күлүм курдук

Чараас чараастык

Чыпчылыйбыт,

Мичил күлүм курдук

Минньигэс-минньигэстик

Мичилийбит,

Өркөн-төлөн курдук

Өгүрүк – төгүрүк көрбүт,

Долгун курдук субуруйар

Тоҕус былас суһуохтаах

Туналҕаннаах ньуурдаах

Туйаарыма Куо диэн...

 

Уон икки кыыс, Туйаарыма Куо бууктаах сонун, ойуулаах бэргэһэтин устан, баттаҕын аҕыс салаа гына суһуохтууллар, суһуоҕун аайы киистэ баайаллар. Түөс симэҕин, илин, кэлин кэбиһэрин кэтэрдэллэр. Өттүк уонна кыабака симэхтээх куру баайаллар. Баһыгар оҕуруолаах бастыҥаны, ытарҕаны, илиитигэр бөҕөҕү иилэллэр. Симэхтэр тыаһаан кылыргыыллар, күн уотугар күлүмнүүллэр.

Иккиһинэн, Туйаарыма Куо кэрэтэ бастыҥ-мааны майгытыгар, аймахтарыгар, бар дьонугар, айыы аймаҕар эйэҕэс, киһилии сыһыана.

Саха кэрэ Айыы кыыһын личноһа бастыҥ-мааны майгытыгар, кини айылҕаҕа, дьоҥҥо аһыныгас, амарах дууһалаах. Кини быстыбыты-ойдубуту аһынар, көмөлөһөр сүрэхтээх. Кыайбатаҕы, баппатаҕы сүбэлиир-амалыыр санаалаах. Сылайбыты-элэйбити аһатан-сиэтэн күүс киллэрэр идэлэээх. Ытаабыты-соҥообуту уоскутар, имэрийэр быһыылаах. Кыыс итинник амарах, аһыныгас сыһыаҥҥа ийэтиттэн, кэрэ аҥардартан үөрэнэн, бэйэтин саастыылаахтарыгар сыһыаннаһан бэйэтин кэрэ майгытын сайыннарар.

Саха кэрэ Айыы кыыһын личноһа дьоҥҥо эйэҕэс, сымнаҕас, сахалыы ис киирбэх сыһыаннаах. Дьону кытта эйэҕэс, сыинаҕас сыһыаннаах үөрэнэр оскуолатыгар, үлэлиир сиригэр, общественнай миэстэҕэ, сынньалаҥ бириэмэтигэр. Онтон дьүөгэлэрин, ыалдьыттарын кытары эйэ дэмнээхтик кэпсэтэр, ис киирбэхтик сыһыаннаһар. Эйэҕэс, сымнаҕас сыһыанынан дьон кэрэтин ылар, бэйэтин кэрэтин биэрэр. Дьон ортотугар эйэ дэмнээхтик сылдьан улаатар, сайдар, кэрэ буолар.

Саха кэрэ Айыы кыыһын личноһа быһыыта, сигилитэ, тутта-хапта сылдьара сэмэй, сиэрдээх. Дьон ортотугар сэмэйдик туттар, оту-маһы ортотунан уһаты-туора хаампат, толоос тылы туттубат. Туттара-хаптара сиэрдээх, сороҕор бытаан, сороҕор түргэн да буоллар, барыта орун оннугар, сып курдук чуолкайдык бүтэн-оһон иһэр. Дьонтон туора хаампакка дьон сиэринэн сэмэйдик сылдьыы – кыыс бөҕө, бигэ туругун олохтуур.

Саха кэрэ Айыы кыыһын личноһа боччум, дуоспуруннаах, бэйэтин кыаҕын билинэр, бэйэтин кыана туттар. Кини мээнэ дьону үтүктүбэт, батыспат, атын киһи сабыдыалыгар мээнэ киирбэт. Кэрэни, үтүөнү бэйэтэ көрөн, билэн, бэйэтэ быһааран бэйэтигэр ылынар. Кэрэни, үтүөнү бэйэтигэрр бэйэтэ сайыннарар. Бэйэтин кэрэтин сатаан харыстыыр, кимҥэ да ыстарбат. Итинник күүстээх кэрэ Кыыс Куо буолар.

Саха кэрэ Айыы кыыһын личноһа диэн кэрэтин күүһүнэн атын дьоҥҥо сабыдыаллыыр. Кини кэрэтин атын дьон ылаллар. Кэрэтин үөрэтэн, дьаһайан биэрбэт, кэрэтин быһыытынан-майгытынан биэрэр. Үчүгэйи баҕарар ыраас, сырдык санаатынан, амарах дууһатынан көмөлөһөн-амалаһан, эйэҕэс, сымнаҕас сыһыанынан сүбэлээн-амалаан, сиэрдээх, сэмэй быһыытын биһирэтэн кэрэтин биэрэр. Бэйэтин кэрэтин күүһүнэн уордайбыты уоскутар,кыыһырбыты, кытааппыты сымнатар, дьоҥҥо-сэргэҕэ таптатар.

Кэрэ кыыс личноһа үрдүк таһымынан Кыыс Куо кылааннааҕа буолар. Киниэхэ кэрэ быһыы-майгы чаҕыйхалдык, кылабачыйан көстөр. Сырдык өйө-санаата, ырааҕы, кэскиллээҕи табатык көрөр, онно дьулуһар, ситиһэр. Кэрэлэри түмэн үрдүктэн үрдүк ситиһиигэ сирдээн илдьэ иһэр. Мэһэйдэри,таҥнарааччылары, куһаҕан быһыыны-майгыны кытары утарсыыга киирсэн кыайар-хотор, суох оҥорор.

Үсүһүнэн, Туйаарыма Куо сырдыкка тардыһар, ыраас, чэбэр, киргэ-хахха сыстыан баҕарбат. Кини орто дойдуга ийэтигэр-аҕатыгар иитиллибитинэн ыраас-чэбэр, ичигэс-сылаас олоххо үөрэнэр. Кыыс Куо – Саха кэрэ кыыһын дьиэтэ, ордук олорор хоһо сахалыы кэрэ ойуулаах, чэпчэки, мындыр оҥоһуулаах малларынан симэммит буолар. Биһиги өбүгэлэрбит балаҕаннарыгар кыыс хаппахчыта диэн кыра хостоох этилэр. Ону удьуордаан кыыс туһунан хостооҕо ордук. Бастатан туран, дьиэ, хос ичигэс, сиигэ суох, сырдык, ыраас буолуохтаах. Дьиэҕэ, хоско элбэх, тутуллубат малы-салы ууруллубат. Элбэх мал-сал кири-хаҕы мунньар, салгын сабардамын аҕыйатар.

Кыыс араас аһы астыыр, иһити-хомуоһу хомуйар, онон аһы ууруу-харайыы, иһити сууйуу-сотуу барыта ыраас буоллаҕына кыыс ырааһын, чэбэрин көрдөрөр.

Кыыс дьиэтэ-уота, иһитэ-хомуоһа, таҥнар таҥаһа, бэйэтин этэ-сиинэ буоллаҕына, кини дууһата, сиэрэ-майгыта эмиэ ыраас, көнө, судургу, кубулҕата, кирэ-хаҕа суох буолар. Итинник кыыһы саха дууһата ыраас, ыраас сүрэхтээх диир. Ыраас дууһалаах, сүрэхтээх кыыс Саха кэрэ Айыы кыыһын личноһа буолар.

Төрдүһүнэн, Саха кэрэ Айыы кыыһа нарын-намчы дьарыктаах буолуохтаах. Саха нарын-намчы кыыһын бэйэтин курдук чэпчэки, нарын-намчы дьарыга кинини ордук киэргэтэр, тупсарар. Урукку саха кыыһа саас ньургуһуннаан, сибэккилээн кэлэрэ, мутукча аҕалан ууга туруорара. Билиҥҥи кыыс куолар итини удьуордаан, сайыннаран дьиэ иһигэр, тиэргэнигэр араас сибэккилэри, маһы олордуунан дьарыктаныан сөп. Сибэкки, мас үөрэн-көтөн, улаатан, силигилээн эрэрин көрөн, тэҥҥэ үөрэн – көтөн бараҕын – ити барыта Кыыс Куо кэрэ уйулҕата сайдарыгар туһалаах.

Былыргы саха кыыһын нарын-намчы дьарыгынан солко сап, хоруоҥка арааһын бэрийии этэ. Кини кэтэр таҥаһын халадаай ырбаахытын, кэһиэччигин, бууктаах сонун, дьабака бэргэһэтин, сукуна үтүлүгүн, тыс этэрбэһин араас өҥнөөх сабынан, хоруоҥканан сибэкки арааһын тигэн, тиктэрэн киэргэтэрэ. Кыыс Куоҕа быысыбайдаан, оҕуруолаан, оһуордаан тигии, киниэхэ барар нарын-намчы дьарыга буолар.

Аны сорох талааннаах эбэтэр баҕалаах кыргыттар, хомуһу тардар, тойугу туойар, дойдутун хоһуйар, суруйар, уруһуйдуур, сахалыы ырыаны ыллыыр, музыканы оонньуур, истэр, үҥкүүлүүр буоллахтарына, кинилэр ордук тупсаллар.

Бэсиһинэн, Туйаарыма Куо истиҥ доҕоро, уола Үрүҥ Уолан өлөр-тиллэр ыарахаттарга да түбэстэҕинэ, ыраас бэриниилээх, күүстээх тапталын илдьэ сылдьара билиҥҥи кыргыттарга идеал буолар. Саха кыыһын таптала – нарын, истиҥ, килбик, сэмэй, ис киирбэх, кистэлэҥ, ис дууһаттан...

 

ТҮМҮК

 

Оҕону иитии үгэс оҕо айылҕатынан сайдыытын уратытыгар эрэ буолбакка, омук олорор айылҕатын кытта дьүөрэлээн иитиигэ олоҕурар. Оҕоҕо удьуор тыынын иҥэрии хас биирдии ыал укулаатынан, норуот уус-уран айымньытынан, иитэр үгэһинэн киирэр.

Норуот уруу-аймах, дьон-сэргэ оҕону иитэр үгэһэ, айылҕаҕа сиэрдээх сыһыана, туттан олоруута олоҥхоҕо киэҥник ойууланар.

Психологическай наука кандидата,социологическай наука доктора Винокурова Ульяна Алексеевна “Биһиги өбүгэлэрбититтэн утумнаабыт атыттары умсугутар икки ураты баайдаахпыт. Ол биирэ – киэҥ нэлэмэн, баччааҥҥа диэри чөл туругун, ис кистэлэҥин арыйбакка харыстаныллыбыт сири сабардаабыппыт буолар. ...Бу сир төрүт олохтоохторо буоларбыт быһыытынан аан дойду сокуоннарын харыстанар турукка улам-улам киирэн иһиэхпит. Онуоха бэлэмнээх, чөл туруктаах, олоххо дьулуурдаах, сорунуулаах майгылаах-сигилилээх, бодоруһар-алтыһар дьоммутугар ытыктатар таһымнаах дьон буоллахпытына, харыстатар кыахтары туһаныахпыт. Оттон оннук бодолоох буоларбытыгар диэн анаан-минээн өбүгэ кэс-кэриэс иккис бэлэҕэ - олоҥхо ”, - диэн этиитэ билиҥҥи олоххо олоҥхо педагогикатын туһаныы хайысхатын чопчулуур.

Биһиги, оҕолорбутун, атын омук идеалынан буолбакка, саха бэйэтин идеалынан – Саха Айыы Киһитин итэҕэлинэн, Дьулуруйар Ньургун Боотур, Туйаарыма Куо идеалларыгар тардыһан, батыһан холобур оҥостон улаатыннаран, иитэн-үөрэтэн таһаарыахтаахпыт.

 

 

Просмотров: 548 | Добавил: uolba_ksk | Рейтинг: 5.0/1
Всего комментариев: 0
avatar
close