11:15 "Оҕо сааһым оонньуулара" тэрээһин туһунан | |
Алтынньы 8 күнүгэр Аан дойдутааҕы Аҕам саастаах дьоммутугар аналлах декада чэрчитинэн ноурот айымньытын киинигэр "Оҕо сааһым оонньуулара" тэрээһин бэрт сэргэхтик буолан ааста. Тэрээһин Уолба нэһилиэгин аҕам саастаахтарын коллекционердарын быыстапкатыттан саҕаланна. Ол курдук, Маргарита Викторовна Соломонова- дьөһөгөй сувенирдар, сиэпкэ укта сылдьар чаһылар, значоктар, Александра Лаврентьевна Софронова- брошьтар, кэмпиэт суулара, испиискэ арааһа, уо.д.а., Сардана Михайловна Баишева- колокольчик, Зоя Петровна Боппосова- аан дойду араас муннуктарыттан бэлэх буолан кэлбит ложкаларын, нэһилиэкпит уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ Галина Ильинична Семенова, Мария Николаевна Басова - сүүтүктэрин уонна кыптыыйдарын, Елена Константиновна Попова- календарь, сувенирдар, баанка арааһын муспут историяларын сырдаттылар. Оҕо саастарын оонньуурдарын Мария Николаевна, Елена Константиновна уонна Сардана Михайловна көрдөрөн, көрөөччүлэри аҕыйах да бириэмэҕэ буоллар, оҕо саастарыгар төнүннэрэн, ол кэмнэри аҕыннылар. Бу кэннэ урукку кэм оонньууларын "Города и реки", Лото, Дартс, Боппосов Михаил Трофимович саҥа оҥорбут "Корнхолл" оонньуутун билиһиннэрэн, кэлбит ыалдьыттары сээҥээрдэн, оонньоон, күлэн-үөрэн бириэмэбитин олус бэркэ атааран тарҕастыбыт. Түгэнинэн туһанан, тэрээһиммитигэр кытта кэлбит көрөөччүлэрбитигэр, аҕам саастаах ытык дьоммутугар махтанабыт. Өрүү да бу курдук көххүтүнэн ыччат дьоммутугар холобур буола сылдьыҥ, кытаанах доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабыт.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |