11:58 Комсомол күнэ! | |
Ахтыы Байаҕантай улууһугар комсомольскай ячейканы тэрийии гражданскай сэрии ортотугар барбыта. Бу үлэни Михаил Кустуров, Семен Кочкин ыыппыттара. Үөһээҥҥи кылаас оҕолорун төрөппүттэрин кытта кэпсэтиини Семен Мефодьевич бэйэтэ ыыппыта. Ол курдук, 1921 сыллаахха улууска бастакы комсомольскай ячейка тэриллэр. Бастакы комсомолецтарынан буолбуттара: Неустроев И.С., Винокуров П.И., Сысолятина Аафья Феоктистовна, Белолюбскай А.С., Винокуров Д.М., Андросов С.А., Андросов Н.Н., Слепцов К.Н. – бары батараак оҕолоро этилэр. С.М. Кочкин салайбыт Дьөҥкүүдэй комсомоллара Саха сирин комсомолларын кытта бииргэ Советскай былааһы олохтооһун уонна бөҕөргөтүү сылларыгар, гражданскай сэрии үөһүгэр, дойдуну чөлүгэр түһэриигэ, холбоһуктааһын сылларыгар, кулаагы эһиигэ, дьоһуннаах холобурдары оҥорбуттара, куруутун инники күөҥҥэ сылдьыбыттара. Гражданскай сэрии кэмигэр, бандьыыттар Чычымахха олорон 40 тахса комсомоллары, кыһыл байыастары өлөрбүттэрэ. Ол иһин Кочкин дьиксинэн ол саҕанааҕы комсомоллар испииһэктэрин , ячейка докумуоннарын оһоххо уоттаан, кэнники бу сыллар туһунан архыыпка да, туох да докумуон көстүбэтэх. 1925 сылтан Кочкин туруорсан, комсомолецтар үрдүк үөрэххэ барар буолбуттара. Ол курдук Семен Андросов, Василий Гагарин, Семен Герасимов, Агафья Сысолятина, Иннокентий Неустроев, Иван Баланов, Кузьма Слепцов, Данил уонна Николай Нутчиннар Ленинград, Москва, Иркутскай куораттарга үөрэнэ барбыттара. Ол кэмтэн элбэх сыл ааһан, Уолба комсомолецтара куруутун үлэ, үөрэх үөһүгэр сылдьыбыттара. Комсомол бүтэһик үс сылыгар, 1987-1991 cылларга Уолбаҕа Комсомол үлэтин биһиги аҕа табаарыстарбыт коммунистар нэһилиэк парткомун секретара Егор Алексеевич Тарасов, Уолба отделениятын управляющайа Егор Иннокентьевич Павлов салайсар, сүбэ-ама биэрэр этилэр. П.Алексеев агрофирма Комскомнарын Неустроев Петр Петровиһы, Дмитриев Юрий Семеновиһы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбиппит. Бу сылларга Уолбаҕа комсомол секретардьарынан үлэлээбиттэрэ: - 1987 с – Белина Галина Васильевна 1987-1988 сс – Кусатова Элеонора Ильинична 1988 с – 1991 с - Кусатов Григорий Ильич Комсомол комитетын актива:
1989 сыллаахха Уолбаҕа комсомол секретарын солбуйааччынан, нэһилиэккэ пропагандиһынан Скрябина Сардана Михайловна үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ ыччат наһаа көхтөөх этэ. Бу сыл “Диспут” кулууп тэриллэн, бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Куруһуокка 17 бастайааннай истээччи баара. Кулууп иһинэн санаа атастаһыыта, араас мөккүөр буолара. Холобура, ырытыллыбыт темалар манныктар этилэр:
Биһиги үлэбитин сэҥээрэн, Дьокуускай куораттан, Саха радиота кэлэн интервью ылбыта. Кэнники радиога биэрбиттэригэр нэһилиэк олохтоохторо истэн, үөрүү бөҕө этэ. Үлэбитин сырдатар ыстатыйа “Таатта” хаһыакка иккитэ тахса сылдьыбыта. Үлэҕэ, сынньалаҥҥа ыччаттар бары тутуспутунан бииргэ сылдьар этибит. 1988 с. выпустар: Рахлеева Аида, Карбаканова Тина, Неустроева Шура, Егорова Груня, Багардынов Стасик, Неустроев Ваня - “Оскуола –производство-ВУЗ” – девиһинэн улууска ыҥырыы таһааран кылааһынан фермаҕа үлэлии тахсыбыттара. Комсорунан Рахлеева Аида Ивановна этэ. 1987-1988 сылларга Ытык-Күөл орто оскуолаатын выпускницалара Тимирдяева Анна Петровна уонна Боярова Сардаана Ивановна эмиэ “Оскуола –производство-ВУЗ” – девиһинэн фермаҕа үлэлии тахсыбыттара, кэнники дьоллорун булан Уолбаҕа кийииттэрэ буолбуттара. Кинилэр нэһилиэк комсомольскай олоҕор активнайдык кыттар этилэр. Бу кэмҥэ “Уолаттар илиилэрин фермаҕа” девиһинэн, улууска ыҥырыы таһааран 7 уол фермаҕа үлэлии тахсыбыттара. Боппосов Василий, Кусатов Григорий, Арсений Егоров, Семен Петров, Михаил Никонов “Орто Күөлгэ” дояркалары солбуйбуттара. Бу ыччат-комсомольскай коллективы Неустроев Макар салайбыта. Бу үтүө холобур “Коммунист” хаһыакка сырдатыллан турар. Дьиэ-кэргэн бэдэрээтэ олоххо киирбитигэр, Карбакановтар дьиэ-кэргэн, Анна Николаевна уонна Филипп Куприянович уолаттарын уонна кыргыттарын кытта дьиэ-кэргэн биригээдэтин оҥорон фермаҕа үлэлии тахсыбыттара хайҕаллаах суол этэ. 1987 сыллаахха Слепцов Терентий Иванович салайар ыччат-комсомольскай звенота республикаҕа окко бастаабытыгар бэриллибит путевканан, звено чилиэннэрэ Кусатов Илья Ильич, Боппосов Василий Трофимович Ленинград куоракка күүлэйдээн кэдбиттэрэ. Баишев Владимир звеньевойдаах 1990 ыччат-комсомольскай толору механизациялаах от звенота былааннарын аһары толорон Республикаҕа 1 миэстэ буолбуттара. Библиотекарь, комсомолка Вера Александровна Морхоева передвижной библиотеканы фермаларынан, отчуттар звеноларынан сылдьан сырдыгы тарҕатара. 1990 сыллаахха улууска “Кыайыы 45 сылыгар аналлаах” уус-уран көрүү улахан фестивала буолбута. Онно кыракый Уолбаттан үҥкүү бөлөгөр 16 буолан үҥкүүлүүр этибит, ол эбэтэр 8 пара. Ол саас элбэх эдэр ыччат сүрэхтэрин холбоон, саҥа ыал үксээбитэ. Кулун тутар бүтүүтүттэн муус устар ый толору, бэс ыйыгар тиийэ суббота былдьаһыга буолбута. Бэйэ бэйэбитигэр сыбаайбага ыҥырыллан үлэбит курдук барар этибит. Бу сыл улуус фестивалыгар бастакы миэстэ буолбуппут, биэс үҥкүүбүт барыта лауреат буолан Ытык-Күөлгэ Гала концерга киирэн үҥкүүлээбиппит. Гала концерт икки чаастаах этэ, онно иккиэннэригэр сылайыахпытыгар дылы үҥкүүлээбиппит. Ол кэмҥэ саҥа аатыран эрэр “Ламбада” үҥкүүнү туруоран лауреат буолан, көрөөччү биһирэбилин ылбыппыт. Үҥкүүбүт таҥаһын киэһэттэн киэһээ репетиция кэнниттэн бары мустан олорон тигэр этибит. Костюмнарбыт дьэрэкээннэрэ, үҥкүүһүт кыргыттар аһаҕас көхсүлэрэ, баттахтара кылабачыйан сыана араас өҥнөөх дьэрэкээн уотугар көрөөччүгэ туһунан көстүүнү биэрэллэрэ. Комсомол актива көрү-нары эрэ өрө туппакка, бэрээдэк боппуруоһугар күүскэ үлэлиир этэ. Ол курдук кыратык да Уставы кэспит, арыгылаабыт уолаттары комитет мунньаҕар ыҥыран дьүүллүүр этибит. Бэрээдэк кэспиттэри “Комсольский Прожектор” истиэнэ хаһыатыгар таһааран кулууп, маҕаһыын иннигэр ыйыыр этибит. Взностарын төлөөбөт оҕолору дьиэлэринэн кэрийэн учет сектор Андросова Варвара Петровна хайаан да взноһу 100% хомуйара. Оскуола учууталларын “Оптимист” ячейката нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Бырааһынньык аайы ДНД, аны дояркалары солбуйан хотоҥҥо үлэлииллэрэ, күһүн кыстыкка киириигэ көмөлөһөн хотон сыбаҕар, саас аайы ынах төрүөҕүн саҕана түүнүн дежурствоҕа сылдьаллара. Маны таһынан дулҕаны бэлэмнээһин, хотон хаарын түһэрии, сааскы оттук мас бэлэмниир коммунистическай субботниктарга комсомолецтар саамай төһүү күүс буолаллара. Коммунистическай субботникка ким элбэх маһы эрбэппитигэр, ханнык зона элбэх саһааны туруорбутугар күрэхтэһиилээх, сылаас астаах буолан үлэ ордук көхтөөхтүк таһаарыылаахтык барар этэ. Ол саһааннары кээмэйдииргэ анаан биир киһи кэрийэ сылдьан кээмэйдиирэ, учуоттуура. Нэһилиэк комсомолецтарыттан педотряд тэриллэн оскуола оҕолоругар вожатайдыыр этилэр. Кинилэр араас тэрээһиннэри, политинформацияны ыыталлар этэ. Комитет чилиэннэрэ саҥа комсомолга киирэр оҕолору рекомендация ылалларыгар, уставы үөрэтэллэригэр көмөлөһөллөр этэ. Онтон комиссия оҕолору комсомолга ылара эмиэ туспа тэрээһин буолара. Оскуола 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, Неустроев Климент Степанович салалтатынан кыраайы үөрэтэр музейы саҥардан оҥорууга ПКО чилиэттэрэ: Андросова Евдокия Семеновна, Андросов Василий Иосифович, Боппосов Василий Трофимович, Кусатов Григорий Ильич, Тимирдяева Анна Петровна, Карбаканова Александра Филипповна, уо.д.а. таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Комсомол кэккэтигэр атаарбыт кэмнэрбитин, эдэр сааспыт биир саамай умнуллубат, чаҕылхай кэмнэрэ буолан, наһаа истиҥник саныыбыт. Комсомол тэриллибитэ 100 сааһын бэлиэтээри долгуйа күүтэбит, бэлэмнэнэ сылдьабыт.
1987-1991 сыллар комсомолецтара. Уолба, Таатта улууһа. Ахтыыны суруйда Сардана Михайловна Баишева
| |
|
Всего комментариев: 0 | |