15:02
Ахсынньы - Билгэ Хаан ыйа

АХСЫННЬЫ - БИЛГЭ ХААН ЫЙА

Сыл бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар. Ахсынньы 21 күнэ саамай кылгас, күн кыһыҥҥы туруута буолар.  Сырдык кэм уһуна — 6-7 чаас. Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр. Ый саҥатын эргин аам-даам туманнаах тымныы түһэр. Бу тымныы тохсунньуга диэри салҕанан барар. Ый ортотун диэки кыратык салгын хамсаан ылар. Ону Дьыл оҕуһун тыына дииллэр. Бу кэмҥэ сылаастык таҥна сылдьыахха наада.

  Күн-дьыл Бэс ыйа батыһар.

 Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар.

Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар. Бу ыйы бэс ыйа батыһар. 1 — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.

9 — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.

12 — буурҕа түстэҕинэ,

ахсынньы 19- гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.

19 — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.

25 — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.

26 — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.

29 — кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.   Түөлбэ тылыгар Ахсынньы — ортоку кыһыҥҥы ый; үрэх суокурун ыйа; хараҥа ый.   Ый хаамыыта Халлааҥҥа ый сэтинньи 29 күнүттэн үүнэн барар.

Ахсынньы 14 күнүгэр ый туолар. Бу кэмҥэ диэри саҥа саҕалааһыннары, улахан быһаарыылары ылынар, атыыны-тутууну ылсар-бэрсэр үчүгэй.

Ахсынньы 15 күнүттэн 28 күнүгэр диэри ый кыччаан барар. Бу кэмҥэ доруобуйаҕытын көрүнэҕит, ыраастанаҕыт, эргэ маллары быраҕаҕыт, олоххутугар быһаарыылаах хардыылары оҥорбоккут.

Ахсынньы 22 күнэ – саамай уһун түүннээх. Бу түүн бит-билгэ, баҕа санаа туолар диэн ааттыыллар. Кимиэхэ да куһаҕаны баҕарыа суохтааххыт (бэйэҕитигэр төттөрү эргиллэн кэлиэ). Сыл түмүгүн таһаарарга, кэлэр сылга былаан оҥосторго табыгастаах кэм.  

Ахсынньы ааттара

1, 2 — Добун, Саргылаана,

3, 4 — Сүргэн, Сайаана,

5, 6 — Таман, Кэрэчээнэ,

7,8 — Барылан, Туймаада,

9, 10 — Эрэл, Айыына,

11, 12 — Аман, Кэскилээнэ,

13, 14 — Тускун, Ньургуйаана,

15, 16 — Талбан, Хаачылаана,

17, 18 — Мургун, Сайдыына,

19, 20 — Дабаан, Намыына,

21, 22 — Түмэн, Сахаайа,

23, 24 — Дьулуур, Айталыына,

25, 26 — Сайдам, Туйгууна,

27, 28 — Тургун, Алгыстаана,

29, 30 — Саргын, Күбэйэ,

31 — Айастаан, Күндүүнэ.  

Ахсынньы алгыһа

Лох,  лох,   лох!

Билиини биэрээччи,

Өйү үксэтээччи,

Кулгааҕы тобулааччы,

Хараҕы арыйааччы,

Сайаҕас санаалааччы,

Ичээн этээччи,

Этитиини төрүттээччи,

Түмүгү сүөрээччи,

Бэлиэни этэччи,

Сиби сэрэйтэрээччи,

Үөрэх төрдө,

Билии баһа,

Билгэһит Билгэ Хаан,

Бэттэх көрөн Мичик гын!

Дом!

 

Просмотров: 436 | Добавил: uolba_ksk | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
close